Алампа холбуката
Анемподист Иванович Софронов – Алампа(1886 – 1935 сс) Анемподист Иванович Софронов – Алампа сэтинньи 14 күнүгэр 1886 сыллаахха Боотуруускай улуус I Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Иван Корнилович Софронов сэниэ ыал буолан баран, үс кэргэнин, элбэх оҕотун көмөн, бэрт кыһалҕалаах олоҕу олорбута. Иккис кэргэниттэн төрөөбүт үс уолаттарыттан кыратын Алампаны төрөөтүн кытары, икки хараҕа суох Булуу (Ньукулай Дулҕаанап) диэн оҕонньорго ииттэрэ биэрбитэ. Төрөппүт ийэтэ Елена Афанасьевна Алампа үс саастааҕар ыалдьан өлбүт. 14 сааһыгар диэри үс ыалынан көһө сылдьан иитиллэр. Биэһигэр диэри ииппит аҕата икки хараҕа суох буолан, наар малыыппа аахтарара. Кэлин иитэр ийэтэ эмиэ көрбөт буолбутун кэннэ, төрөппүт аҕатын харалтатыгар киирбиттэрэ. Онон Алампа төрөппүт ийэ, аҕа тапталын билбэтэҕэ, оҕо сааһа сүрдээх эрэйдээхтик ааспыта. 1901 сыллаахха Ытык-Күөлгэ аҕабыыт Димитриан Дмитриевич Попов балаҕаныгар 25 үөрэнээччилээх оскуола аһыллыбыта. Түөрт кылаастаах таҥара оскуолатын бастакы бүтэрээччилэриттэн биирдэстэрэ Анемподист Софронов этэ. Учуутала Иван Галактионов этэ. Окуолаҕа киириэн иннинэ үөрэхтээх убайдарыттан (Василий -1882с. төрүөх, Роман -1885с. төрүөх) үөрэнэн, эрдэттэн кыралаан суругу билэр, дьоҕурдаах буолан, оскуолатын икки сыл ситиһиилээхтик үөрэнэн эрдэ бүтэрбитэ. Ол туһунан суруйааччы маннык ахтар: “Уон алтабын туоларбар, мин дьолбор, биһиги чугаспытыгар таҥара дьиэтин оскуолата аһыллыбыта. Онно аҕабыттан-ийэбиттэн көрдөһөн, дьиэбиттэн өйүөлэнэн, бэйэм астанан, ол оскуола иккис курууппатыгар дэҥ кэриэтэ түбэһэн, икки кыһын үөрэнэн бүтэрбитим. Онтон салҕаан үөрэнэр күүс суоҕа.” Онтон 1904-1907 сылларга Кириэс-Халдьаайыга учуутал убайа Василий Ивановичка олорон, кини көмөтүнэн бэйэтэ үөрэммитэ. Нуучча суруйааччыларын А.С.Пушкин, Н.В. Гоголь, М.Ю. Лермонтов, Н.А. Некрасов айымньыларын ааҕыталаабыта. Ити кэмҥэ сахалыы, нууччалыы хоһоон суруйан көрөргө холоммута. 1907 с. алтынньы саҥатыгар Дьокуускай куоракка киирбитэ. “Саха кыраайа” диэн саҥа тахсан эрэр хаһыат типографиятыгар бастаан көмөлөһөөччүнэн, сотору кэминэн наборщигынан үлэлээбитэ. 1909-1921 сс. Кирилл Давыдович Спиридонов (Кирилэ Дабыыдап) диэн балыгынан эргинэр саха баайыгар суруксутунан, суотчутунан, тылбаасчытынан үлэлээбитэ. Бу атыыһыттан үрдүк хамнаһы, туспа олорор хоһу ылан, 12 сыл устата хоһооннорун, драмаларын, чаҕылхай айымньыларын суруйбута. Саха дьонун өйө-санаата уһуктан эрэр кэмигэр Алампа куорат сахатын олоҕор көхтөөхтүк кыттыбыта. Төһө да биллэр үөрэҕэ суоҕун иһин, уопсай билиитинэн Дьокуускайга ытыктанар үөрэхтээх киһинэн көстөрө. Бирикээсчиктэр кулууптарыгар араас түмсүүлэри тэрийэллэрэ, испэктээктэри оонньууллара. Онно Алампа нуучча драматурдарын айымньыларын тылбаастыыра, суфлер, артыыс, режиссер быһыытынан бэйэтин холонон көрөрө. 1909 с. Н.В. Гоголь “Кэргэннэнии” (“Женитьба”) диэн комедиятын сахалыы туруорбуттара, онно Алампа Алексей Кулаковскайы кытта оонньообуттара. Тыйаатыры таптаан, Анемподист Иванович сахалыы пьесалары туруорсар кэмигэр, Намтан төрүттээх, ыалга эстэрээпэлиир кыыһы - Евдокия Яковлеваны кытта доҕордоспута, кини оччолорго талааннаах эдэр артыыска этэ. А.И.Софронов айар үлэтэ 1912 сылтан саҕаламмыта. Бу кэмҥэ “Саха саҥата” сурунаалга бастакы айымньыларын “Төрөөбүт дойду” хоһоонун, “Дьадаҥы Дьаакып” диэн бастакы драматын (1914 с.) бэчээттэппитэ. Айымньыларын Аттаат Норупуос диэн псевдонимынан таһаарара. Пьесалара национальнай театр уонна драматургия сайдыытыгар бастакы оруолу ылбыттара. Поэт быһыытынан лирическэй сүүрээни киллэрбитэ. Ырыа буолбут хоһоонноро күн бүгүҥҥэ диэри уостан түспэккэ ылланаллар. Оттон “Куоратчыт”, “Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт” кэпсээннэрэ саха прозатын бастыҥ холобурдарынан буолаллар. Үҥэр таҥара оҥостубут тапталын Евдокия Константиновнаны кытта 1913 с. ыал буолан, 14 сыл бииргэ олорбуттара, киниэхэ элбэх хоһоонун анаабыта. Бастакы кинигэтэ “Дьадаҥы Дьаакып” драма 1924 с тахсыбыта. 1926 с. Москваҕа сахалыы тылынан “Оонньуулар”, “Манчаары”, эһиилигэр “Таптал”, “Бүдүрүйбүт көммөт”, “Олох дьэбэрэтэ” туспа кинигэнэн тахсан, Алампа алта кинигэ ааптара буолбута. А.И.Софронов – норуокка киэҥник биллибит бөдөҥ уопсастыбаннай деятель. 1917-20 сс. “Саха аймах” култуурунай- сырдатар уопсастыба иһинэн тэриллибит таетральнай секцияны салайбыта. 1919 сылтан Саха күбүөрүнэтээҕи норуот үөрэҕириитин салаатын научнай-методическай секциятын инструктора, “Манчаары” култуурунай-сырдатар уопсастыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта. 1921-1922 сс. “Манчаары” диэн Саха сиринээҕи маҥнайгы советскай-партийнай хаһыат эрэдээктэрэ. Саха национальнай тыйаатырын бастакы тэрийээччи уонна салайааччы (1922, 1925 сс.), “Саха омук” култуурунай-сырдатар уопсастыба бэрэссэдээтэлэ, өрөспүүбүлүкэҕэ киинэ салаатын бастакы сэбиэдиссэйэ, “Долой неграмотность!” уопсастыба салайааччыта, Саха АССР Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин чилиэнинэн быыбардаммыта. 1926 с. Баку куоракка ыытыллыбыт түүр омуктар бастакы сийиэстэрин дэлэгээтэ. Бу сыл Москваттан кэлэн баран, “Чолбон” диэн бастакы сахалыы литэрэтиирэ-ускуустуба сурунаалын тэрийсибитэ, эрэдээктэрдээбитэ. Манна “Искусство” (1926 с.), “Саха бисээтэлэ, кинилэр наадалара” (1927 с.) о.д.а литэрэтиирэ, тыйаатыр, ускуустуба туһунан ыстатыйалары бэчээттэппитэ. Айымньыларын А.Кыайыгыыйап диэн псевдонимнаан илии баттыыра. А.И.Софронов бэйэтин кылгас олоҕор элбэх эрэйи көрсүбүтэ. 1928 с. Анемподист Софронов сымыйа балыырга түбэһэн, 5 сыл устата болдьохтонон Сахатын сирин тас өттүгэр (Архангельскайга, Иркутскайга) сыылкаҕа ыытыллыбыта. 1933 с. сайын дойдутугар эргиллибитэ. 1935 с. алтынньы 24 күнүгэр Дьокуускай куоракка сэллик ыарыыттан өлбүтэ. Норуот өстөөҕө ыар ааты сүкпүт чаҕылхай талааннаах Алампа барахсан тиһэх күнүгэр чугас доҕотторо эрэ аттыгар бааллара. Ити кэми Амма Аччыгыйа маннык ахтар: “... Аҕыйах киһи буоламмыт, сыарҕалаах акка тиэйэн таһаараммыт көмтүбүт. Уҥуоҕун үрдүгэр П.А. Ойуунускай тыл эттэ...” Анемподист Иванович Софронов – Алампа сырдык аата 1963 с. норуотугар төннүбүтэ. “Аан дойдуга төрөөн-үөскээн, киһи буолан бэлиэ хаалларарым – ити айымньыларым буолаллар, ону сыа-сым курдук тутаннар, кэнэҕэски үөскүүр ыччакка билиһиннэрэллэрэ буоллар, мин дьолум буолуо этэ...” диэн Улуу убайбыт Алампа кэриэс тылларынан кини аатын сүгэр Ытык-Күөл 1 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара, төрөппүттэрэ айымньылаахтык, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлиибит, айабыт-тутабыт, билии суолун тутуһан чыпчааллары дабайабыт. Алампа аата үйэлэргэ ааттанарыгар дьоһун кылааппытын киллэрэ туруорхпут. Г.Ф. Им, саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларын МХ салайааччыта, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.
Уус-уран дьүһүйүү
Уус-уран ааҕыы
Ыстатыйалар
Исценировкалар
Ырыа
Уруоктар
Айар үлэ
Алампаҕа сурунаал
Передачалар
Алампа, Исидор Барахов 1926с
https://youtu.be/6jUl4vJ4mQI?si=aGtPYQmtImKTEHXj
Кинолетопись Якутия
https://youtu.be/AgEIIyUw6fo?si=QDyIp_ipaUmLQtXo