Категории: Все - семья - история - литература - писатель

по Егорова Сахая Сергеевна 20 дней назад

45

Алампа холбуката

Анемподист Иванович Софронов, известный также как Алампа, родился в 1886 году в Якутии. Его отец занимался сельским хозяйством и воспитывал троих сыновей. Анемподист был одним из них.

Алампа холбуката

"Аан дойдуга төрөөн-үөскээн, киһи буолан бэлиэ хаалларарым - ити айымньыларым буолаллар, ону сыа-сым курдук тутаннар, кэнэҕэски үөскүүр ыччакка билиһиннэрэллэрэ буоллар, мин дьолум буолуо этэ..." Алампа

Алампа холбуката

Анемподист Иванович Софронов – Алампа

(1886 – 1935 сс)

Анемподист Иванович Софронов – Алампа сэтинньи 14 күнүгэр 1886 сыллаахха Боотуруускай улуус I Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Иван Корнилович Софронов сэниэ ыал буолан баран, үс кэргэнин, элбэх оҕотун көмөн, бэрт кыһалҕалаах олоҕу олорбута. Иккис кэргэниттэн төрөөбүт үс уолаттарыттан кыратын Алампаны төрөөтүн кытары, икки хараҕа суох Булуу (Ньукулай Дулҕаанап) диэн оҕонньорго ииттэрэ биэрбитэ. Төрөппүт ийэтэ Елена Афанасьевна Алампа үс саастааҕар ыалдьан өлбүт. 14 сааһыгар диэри үс ыалынан көһө сылдьан иитиллэр. Биэһигэр диэри ииппит аҕата икки хараҕа суох буолан, наар малыыппа аахтарара. Кэлин иитэр ийэтэ эмиэ көрбөт буолбутун кэннэ, төрөппүт аҕатын харалтатыгар киирбиттэрэ. Онон Алампа төрөппүт ийэ, аҕа тапталын билбэтэҕэ, оҕо сааһа сүрдээх эрэйдээхтик ааспыта.

1901 сыллаахха Ытык-Күөлгэ аҕабыыт Димитриан Дмитриевич Попов балаҕаныгар 25 үөрэнээччилээх оскуола аһыллыбыта. Түөрт кылаастаах таҥара оскуолатын бастакы бүтэрээччилэриттэн биирдэстэрэ Анемподист Софронов этэ. Учуутала Иван Галактионов этэ. Окуолаҕа киириэн иннинэ үөрэхтээх убайдарыттан (Василий -1882с. төрүөх, Роман -1885с. төрүөх) үөрэнэн, эрдэттэн кыралаан суругу билэр, дьоҕурдаах буолан, оскуолатын икки сыл ситиһиилээхтик үөрэнэн эрдэ бүтэрбитэ. Ол туһунан суруйааччы маннык ахтар: “Уон алтабын туоларбар, мин дьолбор, биһиги чугаспытыгар таҥара дьиэтин оскуолата аһыллыбыта. Онно аҕабыттан-ийэбиттэн көрдөһөн, дьиэбиттэн өйүөлэнэн, бэйэм астанан, ол оскуола иккис курууппатыгар дэҥ кэриэтэ түбэһэн, икки кыһын үөрэнэн бүтэрбитим. Онтон салҕаан үөрэнэр күүс суоҕа.”

Онтон 1904-1907 сылларга Кириэс-Халдьаайыга учуутал убайа Василий Ивановичка олорон, кини көмөтүнэн бэйэтэ үөрэммитэ. Нуучча суруйааччыларын А.С.Пушкин, Н.В. Гоголь, М.Ю. Лермонтов, Н.А. Некрасов айымньыларын ааҕыталаабыта. Ити кэмҥэ сахалыы, нууччалыы хоһоон суруйан көрөргө холоммута.

1907 с. алтынньы саҥатыгар Дьокуускай куоракка киирбитэ. “Саха кыраайа” диэн саҥа тахсан эрэр хаһыат типографиятыгар бастаан көмөлөһөөччүнэн, сотору кэминэн наборщигынан үлэлээбитэ.

1909-1921 сс. Кирилл Давыдович Спиридонов (Кирилэ Дабыыдап) диэн балыгынан эргинэр саха баайыгар суруксутунан, суотчутунан, тылбаасчытынан үлэлээбитэ. Бу атыыһыттан үрдүк хамнаһы, туспа олорор хоһу ылан, 12 сыл устата хоһооннорун, драмаларын, чаҕылхай айымньыларын суруйбута. Саха дьонун өйө-санаата уһуктан эрэр кэмигэр Алампа куорат сахатын олоҕор көхтөөхтүк кыттыбыта. Төһө да биллэр үөрэҕэ суоҕун иһин, уопсай билиитинэн Дьокуускайга ытыктанар үөрэхтээх киһинэн көстөрө.

Бирикээсчиктэр кулууптарыгар араас түмсүүлэри тэрийэллэрэ, испэктээктэри оонньууллара. Онно Алампа нуучча драматурдарын айымньыларын тылбаастыыра, суфлер, артыыс, режиссер быһыытынан бэйэтин холонон көрөрө. 1909 с. Н.В. Гоголь “Кэргэннэнии” (“Женитьба”) диэн комедиятын сахалыы туруорбуттара, онно Алампа Алексей Кулаковскайы кытта оонньообуттара. Тыйаатыры таптаан, Анемподист Иванович сахалыы пьесалары туруорсар кэмигэр, Намтан төрүттээх, ыалга эстэрээпэлиир кыыһы - Евдокия Яковлеваны кытта доҕордоспута, кини оччолорго талааннаах эдэр артыыска этэ.

А.И.Софронов айар үлэтэ 1912 сылтан саҕаламмыта. Бу кэмҥэ “Саха саҥата” сурунаалга бастакы айымньыларын “Төрөөбүт дойду” хоһоонун, “Дьадаҥы Дьаакып” диэн бастакы драматын (1914 с.) бэчээттэппитэ. Айымньыларын Аттаат Норупуос диэн псевдонимынан таһаарара. Пьесалара национальнай театр уонна драматургия сайдыытыгар бастакы оруолу ылбыттара. Поэт быһыытынан лирическэй сүүрээни киллэрбитэ. Ырыа буолбут хоһоонноро күн бүгүҥҥэ диэри уостан түспэккэ ылланаллар. Оттон “Куоратчыт”, “Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт” кэпсээннэрэ саха прозатын бастыҥ холобурдарынан буолаллар. Үҥэр таҥара оҥостубут тапталын Евдокия Константиновнаны кытта 1913 с. ыал буолан, 14 сыл бииргэ олорбуттара, киниэхэ элбэх хоһоонун анаабыта. Бастакы кинигэтэ “Дьадаҥы Дьаакып” драма 1924 с тахсыбыта. 1926 с. Москваҕа сахалыы тылынан “Оонньуулар”, “Манчаары”, эһиилигэр “Таптал”, “Бүдүрүйбүт көммөт”, “Олох дьэбэрэтэ” туспа кинигэнэн тахсан, Алампа алта кинигэ ааптара буолбута.

А.И.Софронов – норуокка киэҥник биллибит бөдөҥ уопсастыбаннай деятель. 1917-20 сс. “Саха аймах” култуурунай- сырдатар уопсастыба иһинэн тэриллибит таетральнай секцияны салайбыта. 1919 сылтан Саха күбүөрүнэтээҕи норуот үөрэҕириитин салаатын научнай-методическай секциятын инструктора, “Манчаары” култуурунай-сырдатар уопсастыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта. 1921-1922 сс. “Манчаары” диэн Саха сиринээҕи маҥнайгы советскай-партийнай хаһыат эрэдээктэрэ. Саха национальнай тыйаатырын бастакы тэрийээччи уонна салайааччы (1922, 1925 сс.), “Саха омук” култуурунай-сырдатар уопсастыба бэрэссэдээтэлэ, өрөспүүбүлүкэҕэ киинэ салаатын бастакы сэбиэдиссэйэ, “Долой неграмотность!” уопсастыба салайааччыта, Саха АССР Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин чилиэнинэн быыбардаммыта. 1926 с. Баку куоракка ыытыллыбыт түүр омуктар бастакы сийиэстэрин дэлэгээтэ. Бу сыл Москваттан кэлэн баран, “Чолбон” диэн бастакы сахалыы литэрэтиирэ-ускуустуба сурунаалын тэрийсибитэ, эрэдээктэрдээбитэ. Манна “Искусство” (1926 с.), “Саха бисээтэлэ, кинилэр наадалара” (1927 с.) о.д.а литэрэтиирэ, тыйаатыр, ускуустуба туһунан ыстатыйалары бэчээттэппитэ. Айымньыларын А.Кыайыгыыйап диэн псевдонимнаан илии баттыыра.

А.И.Софронов бэйэтин кылгас олоҕор элбэх эрэйи көрсүбүтэ. 1928 с. Анемподист Софронов сымыйа балыырга түбэһэн, 5 сыл устата болдьохтонон Сахатын сирин тас өттүгэр (Архангельскайга, Иркутскайга) сыылкаҕа ыытыллыбыта. 1933 с. сайын дойдутугар эргиллибитэ.

1935 с. алтынньы 24 күнүгэр Дьокуускай куоракка сэллик ыарыыттан өлбүтэ. Норуот өстөөҕө ыар ааты сүкпүт чаҕылхай талааннаах Алампа барахсан тиһэх күнүгэр чугас доҕотторо эрэ аттыгар бааллара. Ити кэми Амма Аччыгыйа маннык ахтар: “... Аҕыйах киһи буоламмыт, сыарҕалаах акка тиэйэн таһаараммыт көмтүбүт. Уҥуоҕун үрдүгэр П.А. Ойуунускай тыл эттэ...” Анемподист Иванович Софронов – Алампа сырдык аата 1963 с. норуотугар төннүбүтэ.

“Аан дойдуга төрөөн-үөскээн, киһи буолан бэлиэ хаалларарым – ити айымньыларым буолаллар, ону сыа-сым курдук тутаннар, кэнэҕэски үөскүүр ыччакка билиһиннэрэллэрэ буоллар, мин дьолум буолуо этэ...” диэн Улуу убайбыт Алампа кэриэс тылларынан кини аатын сүгэр Ытык-Күөл 1 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара, төрөппүттэрэ айымньылаахтык, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлиибит, айабыт-тутабыт, билии суолун тутуһан чыпчааллары дабайабыт. Алампа аата үйэлэргэ ааттанарыгар дьоһун кылааппытын киллэрэ туруорхпут.

Г.Ф. Им, саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларын

МХ салайааччыта, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.


Хаһыаттар

Алампа түөлбэтэ бырайыак

АЛАМПА ТҮӨЛБЭТЭ бырайыак.pdf

Алампа стипендиаттара

Алампа стипендиаттара.pdf

10кылаастар
10В

10в Кустук Турнин Айаал дьиэ кэргэнэ.pdf

10Б

10б Утум Павлоа Саша дьиэ кэргэнэ.pdf

9 кылаастар
9фм

9 физ-тех Кэм Тыла. Маркова Лия.pdf

9 гум. алампаны үйэтитии. Большакова Селена.pdf

8 кылаастар
8мед

8 мед Алампа олоҕо. Башарина Ариана дьиэ кэргэнэ.pdf

8фм

8 физмат Алампаҕа. Ермолаев Саша дьиэ кэргэнэ.pdf

8гум

8 гум Алампа.pdf

7 кылаастар

7 в Санаа. Попов Эрчим.pdf

7б Алампа оло5о, айар үлэтэ. Вырдылин Миша.pdf

6 кылаастар

6в Туллук Ефимова Ева дьиэ кэргэнэ.pdf

6б Тааттам сонуннара. Борисова Дайаана дьиэ кэргэнэ.pdf

6а Сонун тумэн Чохова Анита дьиэ кэргэнэ.pdf

5кылаастар

5г Слепцов Стас. Алампа ырыа буолбут хоһоонноро.pdf

5в Алампа. Максим Федоров.pdf

5б Алаас уола Алампа. Егорова Амелия.pdf

Передачалар

Кинолетопись Якутия

https://youtu.be/AgEIIyUw6fo?si=QDyIp_ipaUmLQtXo

Алампа, Исидор Барахов 1926с

https://youtu.be/6jUl4vJ4mQI?si=aGtPYQmtImKTEHXj

Алампаҕа сурунаал

10мед

10 мед кылаас Алампаҕа сурунаала.pdf

10гум

10 гум кылаас Алампаҕа сурунаала.pdf

10фт

10 фт кылаас Алампаҕа сурунаала.pdf

9мед

9 мед кылаас Алампаҕа сурунаала.pdf

9гум

9гум кылаас Алампаҕа сурунаала.pdf

6 г кылаас Алампаҕа сурунаала.pdf

5а кылаас Алампаҕа сурунаала.pdf

Айар үлэ

Алампаны айхаллыыбыт

Алампаны айхаллыыбыт. хомурунньук.pdf

Уруоктар

А.И.Софронов тылбаасчыт

Саха литэрэтиирэтэ. 5 “а” кылаас

Уруок былаана

Сэтинньи 14 күнэ

Тиэмэ: А.И. Софронов - тылбаасчыт

Сыала:


3) Кэпсээн, хоһоон диэн тугун чиҥник билэр


2)Биир сомо5о буолан эйэлээхтик үлэлиир үчүгэйин иҥэринэр

3)Бэйэ ыарахан кэмигэр көрдөһөр, онтон учугэй кэмнэ дьонно туора турар киьи куьа5ан быьыыта-майгыта сиэргэ киирбэтин өйдүүр

4) Төрөөбүт төрүт литература5а уонна улуу нуучча литературатын айымньыларыгар тапталы иҥэринэр

Тиибэ: саҥа матырыйаалы үөрэтэр уруок

Көрүҥэ: булкаас (лиэксийэ, кэпсэтиһии, оонньуу, айар уруок)

Тэрилэ: дуоска, сылаайда, муусука до5уһуола



Уруок хаамыта

түһүмэх

мүн.

Учуутал үлэтэ

Үөрэнээччи үлэтэ

1

тэрээһин

3

-Дорооболоһуу

-Ким баарын-суо5ун бэлиэтээһин

-Бүгүңңү чыыһыланы, тиэмэни суруттарыы


- Дорооболоһоллор

-Бүгүңңү чыыһыланы, тиэмэни тэтэрээттэригэр ыраастык суруналлар

- Учуутал этэрин истэллэр

2

Турукка киллэрии

2

Кэпсэтиһии тэрийэр. О5олортон

“Алампа диэн кимий?”

“Кини толору аата?”

“Кини туох киһиний”

- диэн боппуруос ыйытар. Уонна кэпсэтиһии маннык түмүккэ салайар: А.И. Софронов – Алампа дэгиттэр талааннаах улуу киьи. Хомоҕой тыллаах хоһоонньут, үтүө кэпсээнньит, уһулуччулаах драматург, саха театрын төрүттээччи, кириитик, “Чолбон” сурунаал эрэдээктэрэ, оскуолабыт биир бастакы выпускнига уонна тылбаасчыт.


О5олор санааларын үллэстэллэр. Кырдьык да Алампа бары өттүнэн барытынан дэгиттэрин өйдүүллэр.

3

Саҥа тиэмэ

12

Лиэксийэ(Бырайыактарга бу нуучча суруйааччыларын көрдөрө-көрдөрө):


А.И. Софронов литератураҕа тылбаасчыт быһыытынан бэйэтигэр бэйэтэ суолта бэринэр этэ. Оннук туоһунан кини 1930 сыллаахха тосунньу 16 күнүгэр Архангельскайтан М.К. Аммосовка сурук ыытар. Ол ис хоһооно маннык: “Думал серьезно заняться переводами русской художественной литературы на родной язык. Кажется из меня вышел бы не совсем плохой переводчик”.

Революция иннигэр “Төрөөбүт дойду” диэн бастакы тылбаас хоһооно күнбүгүҥҥэ диэри саха классикатын бастыҥ баайынан сыаналанар. Кини хоһоону, кэпсээни, пьесаны, сэһэни, романы дэгиттэр сахалыы саҥарпыт чахчы да бастакы бөдөҥ тылбаасчыппыт этэ диэн өрүү сүгүрүйэ, махтана саныахтаахпыт. (Алампа “Төрөөбүт дойду” хоһоонун сахалыы онтон В. Солоухин нууччалыы тылбааһын ааҕан сыаналатабыт).

Бырайыактарынан туһанан кэпсээн диэн тугун хатылатар: (аа5абыт)

Кэпсээн диэн тугуй о5олоор?

Кэпсээн диэн уус-уран айымньы биир ураты көрүнэ. Суруйааччы биир киьи туох түгэҥҥэ эбэтэр түбэлтэ5э түбэспитин сэhэргээhин киэбинэн суруйар.

Хоһоон диэн тугуй оҕолоор?

Хоһоон диэн уус-уран айымньы биир ураты жанра. Киьи иэйиититтэн (үөрдэххэ, хомойдоххо) тахсар ураты айымньы. Кэпсээнтэн уратыта диэн тылы наардаан, дорҕоону дьүөрэлээн хомойоҕой тылынан суруллар. Ырыа да буолуон сөп.

Өйдөөн истэллэр, наадалааҕын суруналлар. Боппуруостаах буоллахтарына ыйталаһаллар. Алампа тылбаастаабыт аймньыларын кытта билсэллэр уонна үчүгэй тылбаасчыт эбит диэн өйдүүллэр. Литература 3 жанрга арахсарын чиҥник билэллэр.

4













Чиҥэтии













24













  1. Түөрт хамаандаҕа араарабыт. Икки хамаанда нуучча, икки хамаанда саха суруйааччылара.

Сорудах: бэйэлэригэр кэпсээн, хоһоон суруйтарар уонна хамаанданан атастаһыннаран баран тылбаастатар. Ол кэннэ хамаанданан аахтаран көрөбүт. Оҕолору хайҕыыллар уонна бу суруйбут, тылбаастаабыт айымньыларын кинигэ оҥорон таһааттаран кылаастарын салаайааччыларыгар биэриэх буолаллар.


  1. Слайданан көрдөрөн боппуруос ыйытар: Нуучча классиктарын айымньыларын Алампа туох диэн ааттан тылбаастаабытай?
  1. Дуосканы туһанан оонньуу оонньотор “Ступеньки А.И. Софронова”. Хамаанданы 2 аҥы аҥаар араарар. Бастакы хамаанда кирилиэһинэн Алампа үчүгэй хаачыстыбатын суруйан үөьээ тахсан иһэр, иккис хамаанда нууччалыы тылбаастыыр. (өйдөөх- умный, суруйааччы – писатель, поэт – хоһоонньут, переводчик – тылбаасчыт)

Хамаандаҕа арахсаллар уонна эйэ дэмнээхтик айымньы айаллар уонна тылбаастыыллар.

Бэйэлэрэ кэпсээн, хоһоон суруйаллар уонна хамаанданан атастаһан баран бары көмөлөөн тылбаастыыллар. Уонна хамаанданан хоһоонноохтук, доргуччу ааҕаллар.




5

Түмүк








3

Бу уруокка ким тугу өйдөөбүтүн, өйдөөбөтө5үн ыйыталаһар. Тугу эмит өйдөөбөтөх о5о5о быһааран биэрэр. Биир уопсай түмүккэ сирдиир: А.И. Софронов - Алампа дэгиттэр талааннаах улуу киьи. Ол онтон биир саамай ча5ылхай талаана тылбаас буолар эбит. Биьиги оскуолабыт кини аатын сүгэриттэн киэн туттабыт.

Боппуруостаах буоллахтарына ыйыталаһаллар. Бу уруокка түмүк оҥороллор

6

Сыана

1

Бүгүн ким хайдах үлэлээбитин быһаара-быһаара сыана туруорар.

Учуутал быһаарарын өйдөөн истэр.

7

Дьиэ5э үлэ

1

А.И. Софронов – Алампа “О5о-о5о эрдэххэ” диэн хоьоонуттан биир күпүлүөтү тылбаастаан кэлэллэригэр сорудахтыыр. Диниэбинньиктэригэр суруттарар. Уонна тылбаастыыр күпүлүөттэрин хас биирдии үөрэнээччигэ карточканан түҥэтэр.

О5о-о5о эрдэххэ

Оонньоомохтоон хаалыа5ыҥ,

Эдэр-сэнэх эрдэххэ

Этэн - тыынан биэриэ5иҥ!

Диниэбинньиктэригэр суруналлар. Соруда5ы өйдөөбөтөхтөрүнэ ыйыталаһаллар.



Туһаныллыбыт литэрэтирэ: Софронов А.И. / Хоһооннор, поэмалар. Дьокуускай, 1976 с., Семенова В.Г. Тылбаастар. Айымньылар. Ыстатыйалар. Докумуоннар. /Анемподист Софронов. – Дьокуускай: Бичик, 2011 с., Луковцев В.Н., Попов С.А. “Родники поэзии России – Арассыыйа уран тылын сүмэтэ” – Якутск: Бичик, 2015 г., Неймохов Е.П. Алампа: Бичик, 2006-2009 с.,Окорокова В.Б. Саха литературата: абитуриеҥҥа көмө. – Дьокуускай: САПИ-Торг-книга, 1997 с., Чехов А.П.рассказы. Повести. – М.: Дрофа: Вече, 2002 г., Семенова В.Г., Шестакова Е. И. Анемподист Иванович Софронов – Алампа: библиогр. ыйынньык. – Дьокуускай, 2011 с, Софронов А.И. Возвращение. – Якутск: Бичик, 2006 г., Крылов И.А. Басни. – Москва, 1966 г., Чехов А.П. Рассказы и пьесы. Москва. – 1998 г., Горохов С.И., Ефремов П.Е. Саха литературата 8 кылааска: Үөрэнэр кинигэ. – Якутскай: Кинигэ изд-вота. 1983 с.

А.И. Софронов аатынан Ытык-Күөл 1 №-дээх

орто оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар

учуутала Потапова Влада Семеновна


Кэтириис хараҥа олох сиэртибэтэ

Алтыһыннарыы уруок: Саха литературата,библиотека

Кылааһа: 8 гуманитарнай кылаас

Уруок тиэмэтэ: “Кэтириис хараҥа олох сиэртибэтэ”

Сыала : -Алампа “Таптал” драматыгар сүрүн дьоруой Кэтириис уобараһын, эдэркээн кыыс дьылҕатын ырытыы.

Үөрэнээччи санаатын сааhылаан этэр үөрүйэҕин, кэпсэтиигэ быhаарсар, тобулук толкуйу түмэр айар-чинчийэр сатабылларын сайыннарыы;

Драма нөҥүө олоҕу, олох ыарахаттарын, олох кэрэ түгэннэрин, тапталы сыаналыырыгар көҕүлээһин, иитии.


Соруктар:    - Айымньы ис хоһоонун ырытыы

- Буруйдааччы, көмүскэһээччи, судья, норуот дьүүллүүр сүбэтэ тэрийэн бэйэ санаатын көмүскээһин.

-         Уруокка 100% хабыллан үлэлээһин.


Тэрээһин    (“Үрүҥ туллук ини мөлбөстүүр”ырыата иһиллэр).

Сааһыланыы.

 

Үтүө күнүнэн!


Бүгүҥҥү Анемподист Иванович Софронов-Алампа 137 сааһыгар аналлаах саха литературата уонна библиотека алтыһыннарыы “Кэтириис хараҥа олох сиэртибэтэ” диэн тиэмэлээх уруогун ыытыахпыт Нюрбина Васильевна уонна Анастасия Петровна.


Бүтүн саха норуотун духовнай олоҕор сыаната биллибэт үрдүк өҥөлөөх, саха улуу поэта, бастакы драматура, прозаига А.И.Софронов-Алампа “Таптал” драматын нөҥүө Кэтириис ыар дьылҕатын тула бэйэ санааны этэн, батталы, атаҕастабылы дьүүллүүргэ холонон көрүөхпүт.

  

Киирии. Турукка сирдээhин.


– Бүгүҥҥү уруокпутун биир, киhини толкуйдатар ыйытыынан саҕалыаҕын. Таптал диэн иэйиини, киhи олоҕун сүрүн туллар тутааҕа буолар өйдөбүлүн киhи эрэ бары араастаан быhаарар. Оттон таптал арааhын син биирдик, тэҥник араараллар.


Саха санаатыгар Таптал – тап, тапсыы диэн, санаа тапсар, табыллар буоллаҕына таптал үөскүүр. Алампа тапталга аналлаах хоһоонноро кэргэнигэр, олоҕор биир дьахтары эстетическэй идеал оҥостон туойбута. Кини таптала күүстээх, ыраас, бэриниилээх этэ.




- Кылаас икки аҥы арахсар.

Кэтириис тапталын туһугар охсуһуохтаах диэччилэр уҥа өттүгэр,онтон Кэтириис дьылҕатын бэйэтэ билбэт диэччилэр хаҥас өттүгэр.


Уруок хаамыыта: Суут ол эбэтэр дьүүлээһин уонна көмүскэһии быраабылатынан ыытыллыаҕа.

Судья- Саввинова Айна

Прокурор- буруйдааччы- Вырдылин Миша

Адвокат- көмүскэһээччи Жасмина Чупрова,Дарина

Свидетель - Тоноев Эрхан,Нехчоенова Кира

Норуот дьүүллүүр сүбэтэ- кылаас оҕолоро.


Суукка көрүллэр боппуруос:

1. Ыстапааннаах Ылдьаана иитэ ылбыт кыыстарын олоҕун тоҕо быһаардылар?

2. Сис Сэмэнэ Кэтириискэ сирэйэ - хараҕа суох сыһыаннаһан суорума суоллаата.Кэтириис өлбүтүгэр Сис Сэмэнэ туох буруйдааҕый? Буруйдаах дуо?

3. Кэтириис таптыыр киһитин Бүөтүрү кытта барсыбыта сөп дуо?

( Кэргэннээх сылдьан атын киһини кытта барсыбытын хайдах сыаналыахха сөбүй?)

4.Бүөтүр таптыыр буоллаҕына тоҕо күрэтэн илдьэ барбатаҕый?



(Эбии быһаарыы)

1. Былыр кэргэн ылар уол кыыс дьонугар халыым төлүүрэ.

Худяков суруйарынан бу уон биэс солкуобайтан икки сүүс солкуобайга тиийэр харчы эбит.Ону “сыҥаах хоҥнорор ” диэн ааттыыллар эбит.

Былыр сулуу хайаан да төлөнөрө. Сулууну Серошевскай сэттэ көрүҥҥэ араарбыт.

- Сулуу - урууга барар халыым чааһа, ити сөбүлэһии тахсыбатаҕына, уруу ылыннаҕына сүөһүнэн төлөнөрө.

- курум - халыым сорҕото сүөһү этинэн уруу аһыгар барар кэһиитэ.

- хоонньоһор кэһии - кийиит кыыс төрөппүттэригэр кыыһы кэргэн ыларыгар, хоонньоһорго быраап ылар төлөбүрэ.

- быа тэнитиитэ - кыыс энньэтигэр ураһа бэриллэр буоллаҕына, биэрэр халыымын сорҕото.

- көрдөнөр кэһии - күтүөт уол кыыһы сүгүннэрэн айанныырыгар төрөппүттэриттэн көҥүл ылар атыыта.

- кыыс төрөппүттэригэр уол дьоно оҕолорун оннугар хаалларар кэһиилэрэ сүөһүнэн бэриллэр.


Биллэрин курдук этиллибити хайаан да тутуһаллара.Өскөтүн уол сулууну кыайан төлөөбөт түбэлтэтигэр кыыһы ойох ылар кыаҕа суоҕа.Төлөбүртэн ордук улахана “тоҕус тоҕуһа”диэн буолар.Ол аата сүөһү хас биирдии көрүҥүн аайыттан тоҕустуу, барыта 81ахсааннаах төлөбүр.Онтуката холбоон 400-чэҕэ тиийэр эбит.Хотугу сахаларга баай өттүлэрэ сулууга 80 табаны,800 солкуобай харчыны биэрбиттэрэ номохторго ахтыллар.Ол аата сүүрбэ буур табаны , түөт уон ийэ табаны, уоннааҕытын икки саастаах табалары биэрбиттэр диэн.


Фольклорист ГЕ Федоров сулуу туһунан маннык ахтыбыт:”Былыр эргэ тахсар сүҥкэн сис байдар кыыстарыгар төлүүргэ сүөһү уоннуута диэн өлгөмнүк сыаналанара.ОЛ аата, уон ат,уон биэ,уон оҕус,уон ынах-барыта түөрт уон талыы сүөһү ”.

Онон сулуу төлөөһүнэ үксүн олус улахан буолар эбит.Уол сулуу төлүүр буоллаҕына, кыыс энньэлээх буолар.

Энньэҕэ киирэр:

- энньэ – сүөһүнэн,харчынан

- сэмсэ – бастакы кэпсэтии таһынан кыыс төрөппүттэрэ сүөһүнэн,харчынан иһитинэн-хомуоһунан,симэҕинэн эбии биэрэллэрэ. Ол аата кыыс бэйэтэ бас билэр “сэмсэ бэлэҕэ” диэн буолара.

- симэх энньэтэ – сорҕото таҥастан ,киэргэлтэн,иһиттэн турар.

- энньэ кулут – кыыс илдьэ барар хамначчыт кыыһа.

- харамньы ат- кыыһы кытта барсар симэхтээх ат.

- кийиит ураһата – былыр баар буолара,улаханнык ирдэнэрэ.



4. 19 үйэ бүтүүтэ-20 үйэ саҕаланыыта сахаларга “күрэтии” диэн баара.Ол аата төрөппүттэриттэн ыйытыыта суох уол кыыһы күрэтэн илдьэ баран хаалара.

Кэнники кэмҥэ ийэ,аҕа сөбүлэҥэ улахан оруолу оонньуур буолбута.Эдэрдэр хайаан да дьоннорун көҥүллэрин ылан ыал буолаллар.



Оччотугар түмүк оҥоруоҕун:

(Оҕолор санаалара)



-Бу драмаҕа кэпсэнэрин курдук саха кыыһын мал курдук эргинии сөптөөх дуо?

-Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитэ ылан баран атаҕастаан хамначчыт оҥостуохха сөп эбит дуо?

- Сис Сэмэнигэр биир эмит үчүгэй хаачыстыбаны көрдүгүт дуо?

(Кэччэгэй,кыыһы атаҕастыыр,кырбыыр)

- Кэтириис кылгас эрэйдээх олоҕор таптал диэни биллэ дуо?



Түмүктүүр тыл.


“Былыт быыһынан күн тыгарын курдук” диэн драма сүрүн философскай санаатын Күлүк Сүөдэр этэр. Ол аата дьол хаһан баҕарар,ханнык баҕарар түгэҥҥэ, бириэмэҕэ кэлиэн сөп. Баҕар эһиги дьоруойдары дьүүллээбиккит курдук,биһиги баҕа санаабыт курдук буолбута буоллар, Кэтириис олоҕо чыҥха атын буолуо этэ.

Бу драманы аахпыт хас биирдии киһиэхэ улахан толкуйу үөскэтиэ дии саныыбыт. Драматург манан саҥа үйэҕэ үпкэ-харчыга сүгүрүйүү, киһи майгытын-сигилитин алдьатарын көрдөрөрүн биллибит.


Онон, бу олоххо дьол уонна сор сиэттиһэ сылдьалларын туһунан санаа Алампа бары айымньыларыгар биир сүрүн идеята буоларын өйдөөтүбүт.


Анемподист Иванович суруйан хаалларбыт айымньылара,туойбут ырыалара-хоһоонноро саха баарын тухары ыллана-ааҕылла туруохтара,өйү-санааны өрүкүтүөхтэрэ, сырдык иэйиини уһугуннарыахтара.


-Бу уруоктан тугу эбии биллигит?

(Оҕолор санааларын истии)


-Хас биирдии оҕоҕо толкуйдатар тыллар үөскээбиттэрэ буолуо диэн эрэнэбит.

Барыгытыгар махтанабыт.


Манан бүгүҥҥү Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүтэ 137 сааһыгар аналлаах “Кэтириис хараҥа олох сиэртибэтэ” диэн алтыһыы уруокпутун түмүктүүбүт.

Көрсүөххэ диэри!



Алампа соҕотох таптала

Алтыһыннарыы уруок: Төрөөбүт литэрэтиирэ + аангылыйа тыла.

Ыыттылар:

Боппосова Анастасия Петровна- саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;

Посельская Лия Владиславовна- омук тылын учуутала.

Кылаас: 11

Уруок тиэмэтэ: “Алампа соҕотох таптала” (“Alampa’s only beloved woman”)

Сыала : - Алампа кэргэнигэр анаабыт хоһооннорун билии, ырытыы.


Соруктар:    - Хоһооннору доргуччу, иэйиилээхтик ааҕыы.

-          Презентацияны уруокка таба туһаныы.

-          Уруокка оҕо 100% хабыллан үлэлиирин тэрийии.

- Төрөөбүт тылынан уонна аангылыйа тылынан саҥарыы.

Ньымата:

- үөрэтии;

- ырытыы;

- тэҥнээн көрүү;

- түмүү;


 Тус санааны, сыҺыаны сайыннарар үөрүйэх.

 

- Хоһоону сэргээн, кэрэхсээн, өйдөөн ааҕарга үөрэтии;

- Аахпыты бэйэ сайдыытын туһанарга туһулааһын;

- Сиэр-майгы сыаннастарын өйдөтүү;


Бэйэни салайынар-дьаһанар үөрүйэх .


-    Хоһоон нөҥүө поэт олоҕун, тапталыгар сыһыанын, сиэрин - майгытын арыйыы, дириҥник таба өйдүүргэ үөрэтии;


 Билэр-көрөр үөрүйэх .

              

-      Үөрэнээччи айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьоҕура тобулларыгар суол арыйыы;

- Омук тылын дириҥэтэн үөрэтии;

-     Айымньыны уран тыллаах, ураты дьоҕурдаах, талааннаах дьон айарын өйдөтүү;


 Бодоруһар үөрүйэх.

           

-    Оҕо бэйэтэ өйдөбүлгэ тиийэр суолу тобулар;

-    Сөптөөх матырыйаалы хомунар, билиитин- көрүүтүн түмэр, ону сатаан туһанар;

-    Үөрэнээччи тыл дьоҕурун иҥэринэн, саныыр санаатын тылынан, суругунан хомоҕойдук этэр;

-    Үөрэтии ньыматыгар үөрэнээччи бэйэтэ өйүнэн, бэйэтин таһымынан суругунан үлэни ыытар;


Уруок түмүгүнэн:

 

Үөрэнээччи өскөтүн саха поэзиятыгар дьахтары үрдүк кэрдиискэ таһаарбыт, таҥара оҥостон үҥпүт поэт поэзиятын ааҕан, тэҥнээн, тылын – өһүн ырыттаҕына:

-   Тапталга харыстабыллаахтык сыһыаннаһыа;

- Уол кыыһы үҥэр- сүктэр таҥара оностон, айар талаана уһуктуо;

- Алампа поэзията киһиэхэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһарын, киһини киһи быһыытынан олоххо иитэрин, уһуйарын, такайарын өйдүө;

- Оҕо хоһоону сатаан ырытан, хоһоонноохтук ааҕар дьоҕура сайдыа;


Тэрээһин чааһа.   (“Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр”ырыата холбонор).

 

Үтүө күнүнэн!

Good morning!


Анемподист Иванович Софронов-Алампаҕа аналлаах төрөөбүт литэрэтиирэ уонна английскай тыл алтыһыннарыы уруогун ыытыахпыт Анастасия Петровна уонна Лия Владиславовна.



Бүтүн саха норуотун духовнай олоҕор сыаната биллибэт үрдүк өҥөлөөх, саха улуу поэта, бастакы драматура, прозаига Алампа кэргэнигэр анаабыт хоһооннорун саха уонна английскай тылынан дириҥэтэн ырытарга холонон көрүөхпүт.

  Холобур нуучча аатырбыт поэта Пушкин элбэх дьахтарга анаан тапталга билинэн, хоһооннору айбыт буоллаҕына, Алампа тапталын лирикатын бары хоһооннорун анаабыт дьахтарын аадырыһа чопчу биир. Ол 14 сыл бииргэ олорбут кэргэнэ, саха бастакы актрисата - Евдокия Константиновна Яковлева - Гоголева буолар.



Киирии. Турукка сирдээhин.


Бүгүҥҥү уруокпутун биир, киhини толкуйдатар ыйытыынан саҕалыаҕын. Таптал диэн иэйиини, киhи олоҕун сүрүн туллар тутааҕа буолар өйдөбүлүн киhи эрэ бары араастаан быhаарар. Оттон таптал арааhын син биирдик, тэҥник араараллар.


Оҕолорго ыйытык:


 (маҥнайгы таптал, маҥнайгы көрөөт, соҕотох таптал, үйэлээх таптал, платоническай о.д.а)


-Таптал ханнык түбэлтэҕэ киhини улаханнык хомотуон сөбүй? Киhи улахан охсууну ылыа5ай?

 (аҥара олохтон туораатаҕына, таннардаҕына, соҕотох хааллардаҕына…)


-Оччотугар бу иннинэ ааттаталаабыт тапталбыт арааhыттан ханнык таптал күүстээх охсууну оҥоруой?

 (соҕотох таптал) (Экраҥҥа көстөр)


-Таҥнарыыны хайдах киhи уйуон сөбүй?

(тулуурдаах, эр санаалаах…………………)

Оҕолор эппиэттииллэр.

(Эрдэ бэлэмнэммит карточкалары экраҥҥа сыһыарыы))


Биhиги бу тиэмэни мээнэ быһаарсыбатыбыт. Ол эбэтэр, ити кылгас кэпсэтиибит биир суруйааччы олоҕун, лирикатын курдат охсон ааспыта.



Учуутал сэhэргээhинэ.


Саха литэрэтиирэтигэр тапталы таҥара уонна иэйэр кут оностон туойбут киhинэн Алампа диэн сымнаҕастык ытыктыы ааттыыр суруйааччыбыт Анемподист Иванович Софронов буолар.


(Презентация)


Саха норуотун духовнай олоҕор сыаната биллибэт үрдүк өңөлөөх саха улуу поэта, бастакы драматура, прозаига, тылбаасчыта, маңнайгы сахалыы хаһыаттары таһаарсыбыт бастакы суруналыыһа, «Чолбон» уус-уран сурунаалы төрүттээччи, Саха театрын тэрийсибит бастакы дириэктэр, бөлүһүөк, уһулуччулаах общественнай деятель А.И. Софронов личноһа, айар үлэтэ аа5ааччы киэҥ интэриэһин тардыан тардар.

Урукку кэмҥэ Алампа драма жанрыгар ордук табыллан үлэлээбитэ. Ол эрээри, суруйааччы саныыр санаатын, олоҕу көрүүтүн ордук толорутук поэзиятыгар көрдөрбүтэ, саха киһитин айылгытын арыйбыта, кини уустук олоҕун эгэлгэлээн, дьүһүннээн эппитэ. Сүрэҕи ууллара уйадытар, дууһаны ытатар - ыллатар истиң - иһирэх айымньыларынан саха поэзиятыгар бастакынан лириканы киллэрбит умнуллубат үтүөлээх.

Саңа төрүттэммит национальнай поэзияҕа Таптал тематыгар дьоһуннаах айымньылары айбыта…


- Ыйытык.

- Анемподист Иванович Софронов – Алампа кэргэнин аатын ким билэрий?

- Ким кэпсиэн сөбүй?

Алампа тапталын лирикатын бары хоhооннорун анаабыт киhитэ – 14 сыл бииргэ олорбут кэргэнэ, саха бастакы актрисата Евдокия Константиновна Яковлева -Гоголева буолар.

1891 с. төрөөбүт. Дьоно быстар дьадаҥы буолан, Дьокуускайга киирэн Калинкин диэн саха атыыhытыгар сүөhү көрөөччүнэн үлэлээбиттэр. Дьиэлээхтэр асчыт, ыраас туттунуулаах Дуняны сөбүлээн, горничнайынан үлэлэппиттэр. Дуунньа үлэһитинэн, асчытынан, иистэнньэҥинэн, барыга ылбаҕай сыһыанынан дьоҥҥо биллибит.

Кэрэ дьүhүннээх, үчүгэйдик ыллыыр, сайаҕас сайдам кыыhы таба көрөннөр, испэктээх оонньууга кытыннарар буолбуттара. Евдокия итиннэ сылдьан Алампалыын билсибитэ.


Алампа Дуня үрдүк көнө уҥуоҕун, маҥан толуу бэйэтин, сайаҕас майгытын сөбүлээн, таптаан түөрт сыл кэриҥэ билсэн баран 1913с. муус устар ыйга холбоспуттар. Оччолорго Дуня 22 саастаах, Алампа 27 саастаах эбиттэр.


Тапталыгар анаан 1914 сыллаахха “Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр” хоһоону суруйан саҕалыыр.


(Слайд.”Үрүҥ тулук эрэ мөлбөстүүр”ырыатын истии.)


Үлэни тэрийии.

Билигин биһиги Алампа тапталыгар анаабыт ”Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр” хоһоонун ааҕан, ырытан көрүөхпүт, санаабытын этиэхпит уонна омук тылынан тыллары тылбаастаан көрүөхпүт.


Сорудах: Бу хоһоону ааҕыаххыт иннинэ сорудахтары көрөбүт.


(Экраҥҥа сорудах көстөр)


1.   Ойуулуур-дьүhүннүүр ньымалартан ханнык көрүҥ үгүстүк туттулларый? 

2.   Хоhоон геройун майгытын көрдөрөр дьүhүннүүр туохтуурдары бул.

3.   Өҥү бэлиэтиир даҕааhыннартан ханнык өҥ баhыйарый ? 

4.   Лирическэй герой туохха тэҥнэннэ ?



1.Хоһоонноохтук аах. 


Хоһоон 10 куплетын биирдиини ааҕаҕыт. (Оҕолор доргуччу ааҕаллар)

(Партаҕа биирдии хоһоон тиэкиһэ бэриллэр.)


2.Дириҥэтэн ырытыы.


Сорудахтар:


  1. Ойуулуур-дьүhүннүүр ньымалартан ханнык көрүҥ үгүстүк туттулларый? (тэҥнээhин, эпитет)

  2.   Хоhоон геройун майгытын көрдөрөр дьүhүннүүр туохтуурдары бул. (мөлбөйөр, даллайар, болтойор) атаах өрө тутуллубут майгы.

  3.    Өҥү бэлиэтиир даҕааhыннартан ханнык өҥ баhыйар? (үрүҥ, маҥан, туттаҕар, туналыйар, күлүбүрдэс…)

  4.    Лирическэй герой туохха тэҥнэннэ? (туллук, чыычаах, кыталык, кун, хатыҥ, кустук, чороон, кымыс)

Fill in the gaps with missing words:


As bright as ……

As white as ……

As graceful as …..

As tender as …..

As colorful as ….



Туллук – a bullfinch, кыталык – a crane, кун – the sun, хатын – a birch, кустук – a rainbow

Маннык түмүккэ кэллибит. Бу хоһоонугар көрүөхтэн кэрэ мөссүөннээх дьахтар дьүhүлгэнэ ойууланна.    Лирическэй герой тапталлааҕын дьүhүнүн айылҕа кэрэ көстүүлэригэр холоон сөҕөр-махтайар.




Чиҥэтии:


Үрүҥтэн атын өҥ суоҕа лирическэй героиня ырааhын, ойуччу кэрэтин көрдөрдө.

Ону тэҥэ, үрүҥ өҥ – тымныы өҥ буолара эмиэ биллэр.


Үрүҥ өҥ тоҥуй таптал символа буолуон сөп дии. Сөбүлэһэҕит?

    - Хоhоон ханнык туругу тиэрдэрий? Автор оттуттэн? 

(Сэрэнэн киэн туттуу, көрдөhүү…)



1924с Дуунньатын таптыырын бэрдиттэн «Уулларбыт хорҕолдьун курдук» диэн хоһоонун суруйбута.


  1. Хоһоону уус-ураннык ааҕыы

(Оҕолор строканан биирдии- биирдии ааҕаллар)

  1. Хоһоону ырытыы,чиҥэтии.


Сорудаҕа: Хоһоонтон Дуунньатын ойуулуур-дьүһүннүүр тылларын бул.

(Оҕолор эппиттэрэ экраҥҥа көстөр)


хара харах

уһун көнө мурун

хара дьураа хаастаах

арыы саһыл хааннаах

уоһа-тииһэ – уус оҥорбутун курдук

хара баттахтаах



Match the words:

хара харах black eyes

уһун көнө мурун straight long nose

хара дьураа хаастаах black eyebrows

арыы саһыл хааннаах pureblooded

уоһа-тииһэ – уус оҥорбутун курдук perfect teeth

хара баттахтаах dark hair





Түмүк оҥоруу:

Бүгүҥҥү уруокка аахпыт бу икки хоһооннортон көрдөххө Алампа Дуунньата хайдах эбитий?

А.И. Софронов тапталын күүһүн дакаастаа.



( Оҕолор биирдии- биирдии бэйэлэрин санааларын этэллэр)


Толуу керуҥнээх, көнө уҥуохтаах, уhун суhуохтаах, сырдык хааннаах, киhи эрэ хараҕа тохтуур дьахтара эби, дьаhаллаах, иистэнньэн, асчыт.

Тас керүҥүнэн, тутта-хапта сылдьарынан, ырыатынан, сайдам санаатынан куорат мааны ыалын олоҕор уhуйуллубута биллэр.


Онтон 1925 сыллаахха Анемподист Иванович Москва5а   таптыыр кэргэнин Евдокияны илдьэ үөрэнэ барар. Москваҕа сылдьан Дуунньата Степан Гоголевы кытары билсэн, киниэхэ кэргэн тахсар.                                    

Таптыыр дьахтарын таҥнарыыта, биллэн туран, уйан дууhалаах поэт киhиэхэ улахан охсуу буолбута. Өй-санаа күүстээх түмүллүүтүн эрэйэр уустук уонна эппиэттээх улэҕэ сылдьар поэт ыар олоҕо саҕаламмыта. Ол да буоллар, Анемподист Иванович таптыыр дьахтара, соҕотох таптала барыан баҕарбатаҕа…

Ол эрээри Алампа 14 сыл устата эйэ дэмнээхтик бииргэ олорбут кэргэнин куhаҕаннык санаабат, ахтыбат этэ. Дуунньатын, соҕотох тапталын, буруйдаабакка, сэмэлээбэккэ көҥул биэрэн, дьоллоохтук олороругар алҕаан ыыппыта.



Түмүк.


 - Онон Таптал диэн күүстээх эбит дии санаатыгыт дуо?

- Таптал диэн ханнык тылтан тахсыбытый?

- Бу уруоктан тугу эбии биллигит?


(Оҕолор санааларын истии)

Тапталга харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы олус наадалааҕын өйдөөбүккүт буолуо диэн саныыбыт уонна хас биирдиигитигэр толкуйдатар тыллар үөскээбиттэрэ буолуо диэн эрэнэбит.

Манан Анемподист Иванович Софронов “Алампа соҕотох таптала “диэн алтыһыннарыы уруокпутун түмүктүүбүт.

Көрсүөххэ диэри!

Good bye, see you!


Үрэх дьалхаана

https://www.youtube.com/watch?v=247bmKZKVJ8

Үрэх дьалхаана (Алампа “Сылбах тиит” поэматынан интегрированнай уруок)

Кыттыгас предметтэр: төрөөбүт литература, физика, ОБЖ

Ыытар учууталлара – Им Галина Федоровна, Винокурова Наталья Яковлевна, Тарасенко Ирина Юрьевна.

Киириитэ. Күүстээх сүүрүк видеота көстөр (сүүрүк тыаһа)

1 учуутал (ИГФ): - Үтүө күнүнэн, видеоҕа туох туһунан көрдүбүт?

Оҕолор эппиэттииллэр: - халаан уута, долгун, күүстээх сүүрүк...

1 учуутал: Дьиэҕэ бэриллибит сорудаҕы кытта туох сибээстээҕий?

Оҕолор эппиэттэрэ: -

1 учуутал: Оччоҕо бүгүҥҥү уруокка туох туһунан билиэхпитий сөп эбитий? Алампа айымньытын кытта ол туох сыһыаннаах буолуон сөбүй? Уруокпут тиэмэтэ туох туһунан буолуон сөбүй? (уруок тиэмэтин таһаарыы)

Бөлөҕүнэн үлэ.

1 учуутал: Дьиэҕэ сорудахха Алампа “Сылбах тиит” диэн поэматын бөлөхтөргө арааран биэрбитим. Бөлөх аайы тус-туспа сорудахтаах. Сорудахтаргыт ыйытыыларын ааҕан баран, бэйэҕит эппиэккитин этэҕит.

Сорудах:

1 бөлөх:

  1. Ханнык мас туһунан кэпсэнэрий?

  2. Ол мас ханна үүнэн турбутуй?

  3. Тас көстүүтэ хайдах эбитий?

2 бөлөх:

  1. Таас үрэх сүүрүгэ тугу оҥордо?

  2. Тиит мас үрэх сүүрүгүттэн хайаатай?

  3. Тиит мас охтумаары хайыы сатаатай?

3 бөлөх:

  1. Поэт тугу соһуйа, куттана кэпсээтэй?

  2. Уһун туйгун тиит дьылҕата сүүрүккэ хайдах буолла?

  3. Бу тиит үүнэн турдаҕына хайдах буолуой?

4 бөлөх.

  1. Айан аартыга диэн хайдах сири ааттыылларый?

  2. Киһини кэрэхсэтэр хайдах остуолба баар буолуон сөбүй?

  3. Поэт туох баҕа санаалаах эбитий?

1 учуутал: - Бөлөхтөр эппиэттэригэр туох уопсай санаа баар эбитий?

“Сылбах тиит” поэманы ис хоһоонуттан 4 чааска араарыаххайыҥ:

1 чааьа – бараа мастартан барыларыттан барҕаран тиит мас үүнэн турбут

2 чааһа – үрэх күүстээх сүүрүгэ кини силиһиттэн охторон эрэр, мас охтуон баҕарбат

3 чааһа – туйгун тиит маспыт сүүрүктээх үрэх дьалхааныгар киирэн, лабаалара, мутуктара тостон эриллэр, мускуллар.

4 чааһа – сүүрүк алдьаппыт маһын баҕар ким эмэ булан ылан, айан аартыгар остуолба гынна туруоруо диэн

Манан биһиэхэ тиит мас дьылҕата көстөр. Дьылҕа диэн олоҕо.

Хатыҥ мас – кыыс уобараһа, тиит мас – эр киһи уобараһа. Дьэ маны суруйааччы Алампа олоҕор сыһыары тутан көрүөҕүҥ.

1 чааһа – Алампа үлэ, олох үөһүгэр сылдьар, поэт, прозаик, драматург, бастакы театры төрүттээччи, “Чолбон” сурунаал редактора, общественай деятель.

2 чааһа – сымыйа балыырга түбэһии

3 чааһа – сымыйа балыырга түбэһэн 5 сыл хаайыыга олоруута

4 чааһа – кини аатын тилиннэрии, чөлүгэр түһэрии.

Дьэ онон, сүүрүк тиити силиһиттэн охторбутун курдук, олох киһи дьылҕатын алдьатыан сөп эбит.

Физика

Учуутал (ВНЯ): Поэматтан быһа тардыы

Олохтон устубут уһун туйгун тиит,

Лаглайар салаалара самнан,

Хойуу мутуктара хобутаан,

Толуу уһуна тоһуттан,

Буортан булгуруйан,

Биэрэгиттэн тэлэһийэн,

Салаалара сарымтан,

Талахачыйан, тарыырданан

Таҥнары бастанан, уурайбакка устан,

Барыйан барбыта...

Оҕолор эппиэттэрэ.

Бөлөҕүнэн үлэ (барыларыгар биир сорудах – карточканан үлэ)

Слайд көстөр. Сүүрүк хоту, сүүрүк утары. Формула оҥоруу. Задача суоттааһын. Бөлөҕүнэн үлэни түмүктээһин.

ОБЖ. Учуутал (ТИЮ): Күүстээх сүүрүк киһи олоҕор туох кутталы үөскэтэрий?

Оҕолор эппиэттэрэ

2 бөлөх. Уу киһи олоҕор туох кутталы үөскэтэрий?

3 бөлөх. Ууга түспүт киһини хайдах быыһыылларый?

4 бөлөх. Киһи тимирэн эрэрин хайдах билиэххэ сөбүй?

Тимирэн эрэр киһини быыһыыр, бастакы суһал көмөнү оҥоруу слайдалара.

Практическай чаас. “Александр -2” Маникеҥҥа киһини тилиннэрии.

Түмүк. 1. Тимирбит киһини ууттан таһаарыы.

2. тимирбит киһи тыынар уорганын ураастааһын, уутун сүөкээһин.

3. киһини тилиннэрии.

Уопсай түмүк. Оҕолортон түмүгү таһааттарыы.

Ырыа

Оҕо -оҕо эрдэххэ

https://www.youtube.com/watch?v=rgGmO-FyNxc

Исценировкалар

Олох оонньуура

Алампа «Олох оонньуура» драматынан инсценировка


Маҥнайгы төгүлэ.


Маҥнайгы көстүүтэ

Саас, сайылыкка тахсар кэм. Киэһэ. Буор сыбахтаах балаҕан таһа. Уҥа, хаҥас өттө тыа, уун-утары хонуу көстөр. Балаҕан таһыгар Уйбаан мас суора олорор.


Уйбаан (тохтоон табах тардар): Ыал буолтум тухары күн тура-тура үлэлиибин да байан-тайан кэлбэтим. Сорох дьон тугу гынан байаллара буолла? (суорар). Баай диэн үчүгэй да суол ээ.(тохтуур) Баайым буоллар, бу курдук хойукка диэри үлэлээн сордонуом суоҕа этэ. Дьаһайан, мөҕөн кэбиһэ-кэбиһэ сытыам этэ. Байар наадатыгар киһи тугу баҕарар оҥоруон сөп. Ампаар алдьаппыт, киһини да өлөрбүт киһи, дьон билбэтэллэр эрэ, туох буолуой? Ити Кууһума оҕонньор тугу киһиттэн ордугу оҥорон байбыта буолуой? (маһын суорар)


Иккис көстүүтэ.

Дьэкиим (Уйбаан аттыгар кэлэр): кэпсээниҥ?

Уйбаан: Суох, Эн тугу биллиҥ, доҕоор? Туохха эмэ туһа буолаарай диэн суора олоробун. Бу бачча киэһэ ханна бардыҥ?

Дьэкиим: Кууһума оҕонньордоохтон суха уларса баран иһэбин. Иллэҥмэр сир тиэрэн көрүөм этэ. (олорор, табах тардар)

Уйбаан: Байаары күнүн-түүнүн билбэккэ үлэлиибит да, байан быстыа суохпут быһыылаах.

Дьэкиим: Байар чааһын мин олох санаабакка сылдьабын. Ииттэр эрэ кыһалҕатын өйдүүбүн. Киһи баҕарбытын курдук туох да буолбат ээ. Эн даҕаны дьадаҥы киһи үһүгүн дуо?

Уйбаан: Улаханнык бөҕүөрүйбүт барахсан сылдьар эбиккин, ол эрээри кимнээҕэр да баайга ымсыыра сылдьарыҥ буолуо.

Дьэкиим: Баҕарар ханна барыай да, хайдах гыныамый.

Уйбаан: Мин байар туһугар тугу баҕарар оҥоруом этэ. Бу күҥҥэ баайтан ордук дьол суох буолуохтаах.

Дьэкиим: Эн санааҕар оннук буолуо. (турар) Баай да эрэйдээх буолара буолуо ээ, ким байан көрөн билэр.



Үһүс көстүүтэ.

Уйбаан: Ити киһи даҕаны хайдах эмэ гынан албыннаан, байдарбын дии сылдьара буолуо. Таҥара кимиэхэ да мээнэ биэрбитэ диэн суох ээ. Дьон кэм тугу эмэ гынанан байаллара буолуо. (суорар)





Төрдүс көстүүтэ.

Уйбаан аттыгар мас саа оноҕоһо кэлэн түһэр.

Миитэрэй (мас чаачар саалаах сүүрэн кэлэр):Уйбаан! Оноҕоһум ханна түстэ, көрдүҥ дуо? (көрдүүр) Ээ, бу сытар эбит дуу. (ылар). Биир чыычааҕы сыыһа ытан кэбистим ээ.

Уйбаан: Хантан сылдьаҕын?

Миитэрэй: Сайылыкпытыгар бүгүн көһөн кэллибит, онон сайылык ыалын оҕолоругар сылдьабын. (саатын ииттэр).Эн Мааппаҥ ханнаный?

Уйбаан: Баар, утуйбута буолуо. Бары таҕыстыгыт дуо?

Миитэрэй: Бэйэбит эрэ таҕыстыбыт, таһаҕаспыт-малбыт барыта балаҕаммытыгар хаалла.

Уйбаан: Ону хаһан ылаҕыт? Тоҕо хааллардыгыт?

Миитэрэй: Сарсын, уол иллэҥ буоллаҕына, таһыахпыт үһү. Мааппа биһиэхэ малааһын сии тоҕо барбата? Оҕо элбэх мустубута.

Уйбаан: Истибэтэхпит.

Миитэрэй барар сирин диэки, саатын ылан баран, сүүрэн хаалар.

Бэһис көстүүтэ.

Уйбаан (олорон): Сайылыктарыгар тахсыбыттар эбит ээ. Тоҕо ыксаан малларын быраҕан таҕыстахтарай? (тохтуур). Саастарын тухары муспут харчылара, дохуоттара төһө эрэ элбэх буолла. Ампаардарын алдьатан баайдарын ылбыт киһи хайдах эрэ буолуо эбитэ буолла (мичээрдиир). Миигин ыллаҕа диэн ким да балыйыа суоҕа этэ... (тохтуур). Бэйи эрэ. Дьол хараҕа суох диэн өс хоһооно баар, аны мин байар дьолбор баайдарын быраҕан барбыттара буолаарай... Киһи эрэ түбэһэ көрбөтөр... Чэ, кэбис, арай бу түүн булгу баран, дьол тардыһан көрүүһүкпүн.

Сэттис көстүүтэ.

Марыына: Аһаан да баран уһаммаккын ээ, туох ыксалай (кэлэн аттыгар турар)

Уйбаан: (күлэр) Эмискэ баай хотун буолуоххун баҕараҕын дуо?

Марыына: Хаһан байаары баҕардамый?

Уйбаан: бу дойдуга баайтан ордук дьол суох. Бэйи, иһит эрэ, Кууһума оҕонньордоох бүгүн сайылыктарыгар тахсыбыттар.

Марыына: Онуоха туох баарый?

Уйбаан: Истэн ис... Үптэрэ-маллара барыта балаҕаннарыгар хаалбыт, ону бу түүн баран сүгэн ыллахха хайдах буолуой? “Дьол хараҕа суох “ диэн өс хоһоонун билбэккин дуо.

Марыына: Тугу-тугу лахсыйаҕын? Иирбиккин дуу? Туох өлөр кыһалҕатыгар ылларан, ол айылаах хараҥа аньыыны оҥоһуннахпытый? хата, киирэн аһаан баран утуй.

Уйбаан: Хата, бу түүн иккиэн баран сүгэн аҕалыах. Эн кыыскын киирэн утут, кини билбэтин. (күүстээхтик) Ол-бу буолан кубулунума.

Марыына: Аны уоран байарбыт итэҕэс буолбут дии. Эн уоран байбыккыттан туһаммакка эрэ өллөрбүн үчүгэй этэ. Өссө бииргэ уоруһуннара илдьээри тураҕын дуо? Бэйи тохтоо, тыыннахпар уорбатарбын үчүгэй этэ.

Уйбаан: (кыыһыран) Кыһаннахпына бардаргын да илдьиэм, барбатаргын да илдьиэм, хайа, эт ыарыыта эмиэ улахан буолаарай. Ону ол курдук санаан кэбис. Эйигин баҕас иннигин ылыам ээ.

Марыына: Сүнньүбүн да үүттээтэргин барсыам суоҕа. Ол сөбүлээбэтэх, барсыбатах буруйбар кырбастаатаргын даҕаны, кыһаныам суоҕа (баран иһэн). Эн хара суолунан булбуккун туһамматарбын үчүгэй этэ. Сааппат сирэй! Бэһиэччик. (киирэр)

Уйбаан: Хорум, чуубургуу тур эрэ! Кыыскын утут. Аһылыгы бэлэмнээ! Кубулҕат!


Дьүһүн кубулуйумтуо

АЛМАПА. ДЬҮҺҮН КУБУЛУЙУМТУО


Оонньуур дьоно:

Тэмэлдьигэн Миитэрэй – баай, тойон, мааны таҥастаах.

Күөттэ Дьөгүөрэ – дьадаҥы киһи, илдьирийбит таҥастаах

Кыыс – кини оҕото, арбайбыт баттахтаах, иннинэн хайдыбыт ырбаахылаах.

Эдэр киһи – ааһан эрэр киһи


Диктор: Аҕа ууһун баһылыга Тэмэлдьигэн Миитэрэй, мунньахха кэтэр саҥа хара таҥас болтуотун кэтэн, ыалыгар Обот уола Убаһалаах Уйбаан оҕонньорго дьаарбайа, сис туттан баран, ээл -дээл хааман даадардаан иһэн, ойоҕос өттүн диэки киһи улаханнык сайдыыр саҥатын истэн, эргиллэ хайыһан көөртө: Күөттэ Дьөгүөр саһаччы буһан эрэр бурдугар биир оҕус күрүөһүлээн кииртин, күрүө тоһоҕотун тутан баран, эккирэтэн сырсыакалаһан эрэр эбит. Тэмэлдьигэн онно, туора хааман тахсан, бурдук күрүөтүгэр өйөнөн, көрөн турда.

Оҕус мөҥүрүүрэ иһиллэр.

Тэмэлдьигэн: Доҕоор, Күөттээ! Ити хайаларын оҕуһай? —аргыый аҕай ыйытта.

Күөттэ Дьөгүөрэ: Ким билэр, доҕоор, чахчытын билбэтим, сэрэйдэххэ, Көҕүлүйэ уолун оҕуһа буоллаҕа буолуо. Бурдукпар үһүс киириитэ, ханан таптаабыт сиринэн тоҕо анньан киирэр. Дьэ, кырыыстаах хара буор сүөһүтэ буулаан алдьатан эрэр ,— диэн баран, оҕус диэки көрөн кэбистэ.

Тэмэлдьигэн: Көҕүлүйэ уола даа? — саҥатын улаатыннарар, — Ол хара түөкүн, күрүөһүт сүөһүнү тоҕо босхо дьаарбатан, дьону алдьаттарар?

Күөттэ Дьөгүөрэ: Дьэ этимэ даҕаны. Баар эрэ бурдугум бу этэ. Өссө үнүрүүн биир түүн хоммута,— эримсийбит киһи быһыытынан - Хата, тойонуом, туох эмэ буойуута, дьаһалла оҥорон абыраа.

Тэмэлдьигэн: Маннык суол хайдах таах хаалыай? Дьон хааһынатын көҥүл алдаттара сырыт диэн суох. (Күүскэ) Ол хара түөкүн бурдугуттан туттаран ылан бэрдэриллиэ буоллаҕа дии, уонна оҕуһун эбэтэр хаайан олордун, эбэтэр муоһугар улахан чэҥкээйи баайдын. Итинник көстөн турар суолу хайдах дьүүллэммэт буолуллуой? Хата, эн бэлэм быһыллыбыт бурдугу ылыаҥ, — диэн баран, көхсүн иһинэн күлэн күһүгүрэттэ.

Ити курдук кэпсэтэ турдахтарына, арбайбыт баттаҕа сирэйин саба түспүтүн быыһынан ньамах курдугунан көрбүт, тобугун үөһээ өттүнэн ырбаахытын туома иннинэн хайдан хаалтын сөрүү туттубут, уонуттан тахсыбыт холобурдаах кыыс балаҕан иһиттэн тахсан кэлэн, кэпсэтиилэрин истэн туран баран:

Кыыс: Аҕаа, ити Көҕүлүйэлээх оҕустара буолбатах, кинилэргэ итинник оҕус суоҕа, хата Уйбаан оҕонньордоох оҕустара буолуо, — диэн баран, күн уотуттан хараҕа саатан, уҥа харытын сыыһынан туора тутан чарапчыланан, Тэмэлдьигэни өрө көрөн баран, сааппыт курдук, аҥар атаҕын төбөтүнэн сири тыыта-тыыта сир диэки көрөн турда. Тэмэлдьигэн, ону истээт, холку баҕайытык өйөнөн турар илиитин бүтэйтэн сулбу тардан ылан, сүүһүн соттумахтаата

Тэмэлдьигэн: Тоҕо итиитэй, доҕор!.. Уйбаан оҕонньор оҕуһа диэтиҥ дуу? Ол иһин даа. Көҕүлүйэҕэ маннык үчүгэй сүөһү баар буолуон сөбө суох этэ, — тохтоон ол-бу диэки көрбөхтүүр, бурдук күрүөтүн тоһоҕотуттан тутан баран, ыгыста-ыгыста, күүһүн муҥунан тардыалаан иэҕэлдьитэр.— Күрүөҥ сууллаары турар эбит дии, маннык күрүөҕэ күрүөһүтэ да суох сүөһү иҥниэ суох. Ол Уйбаан оҕонньор күрүөһүт сүөһүнү тутуо дуо? Хата кэлэн, аалынаары гыммытыгар сууллан түспүтүгэр бэлэмҥэ киириэ суоҕа дуо? Ону, бэйэҥ күрүөҕүн аанньа туппат буола-буолаҕын, итинник бэйэлээх үтүө сүөһүнү, көрөн туран, өссө баалкынан эттиигин, арай итинтэн ыарыы буолан өллүн, оччоҕо сыаната хаһын билэҕин дуо? Акаары!

Күөттэ Дьөгүөрэ: Кэбис инньэ диэмэ. Мантан ордук хайдах үчүгэй буолуой? Үс мас сигэ күрүө буолбат дуо. Итини баҕас, Миитэрэй, баттаан этэҕин,— дии-дии кэтэҕин тарбанна

Тэмэлдьигэн: Баттаан эттиҥ буола-буола! Итиннэ баттала туох баарый ? Хата ол-бу диэн дойҕохтуу турума, күрүөҕүн үчүгэйдик оҥор; таарыйа мин Уйбаан оҕонньордооххо кунаҥҥыт Күөттэ бурдугар киирбитин таһаардыбыт диэн кэпсиэм. Эн аны ити курдук айыы сүөһүтүн кырбаабат буол.

Күөттэ Дьөгүөрэ: Мин кинини биирдэ да охсубакка хааллым. Көннөрү дьарыйбытым эрэ дии...

Тэмэлдьигэн: Буолумуна, хайа мин көрө испитим дии, — аргыый аҕай намылыччы .— Саҥарба. Мин да кэпсээн оҥостуом суоҕа. Күөх оттооҕу тот оҕус туох буосалаах бурдугу сиэтэҕэ диэн айманнаҥый?

Кэпсэтэ турдахтарына, биир ааһан иһэр эдэр киһи тохтоон, кинилэргэ кэлэр.

Эдэр киһи: Хайа доҕоттоор, кэпсээҥҥит, бу тугу сэлэһэ тураҕыт? — диэн кэлбит киһи ыйытта.

Тэмэлдьигэн: Ээ суох, бэйэбит көннөрү, — диэн баран, Күөттэ диэки көрбөхтөөн кэбистэ.

Күөттэ Дьөгүөрэ: Ити Уйбаан оҕонньор оҕуһа бурдукпун күрүөһүлээн сиэбитин кэпсэтэ турабыт,— диэтэ Күөттэ.

Эдэр киһи: Ээ, алҕас, доҕоттоор, оҕонньордооххо маннык дьүһүннээх сүөһү букатын суох. Мин кинилэр сүөһүлэрин бэйэм биэс тарбаҕым курдук билэбин. Хата били арҕаа аҕа ууһа, Күлүк Дьөгүөр оҕуһа ынаҕы батыһан бу сайылык ыалыгар кэлбит диэн эрэллэрэ. Ол оҕус дьүһүнэ хара саадьаҕай сурахтааҕа, итиэннэ күрүөһүт диэбиттэрэ, онон бу ол оҕус буолуон сөн, — диэн баран, тииһин быыһынан чыр гына силлээн кэбистэ.

Тэмэлдьигэн, тугу да булан саҥарыан булбакка, айаҕын аллаччы атан баран, иккиэннэрин хардарыта көрбөхтүү турда.

Тэмэлдьигэн: Быһыыта, ардах кэлээри гынна дуу? — Тохтуур. Күүскэ:— Ол кини тоҕо күрүөһүт оҕуһун атын аҕа ууһун чиэрэс ыытан дьаарбатар! Дэһээтинньигинэн туттаран төттөрү утаартарыахха баар, итиэннэ бу ороскуоту бэйэтэ көҥүл өттүнэн төлөөбөт буоллаҕына, аҕатын ууһун баһылыгынан иэстэтэн туттаран ылыахха, — хата бэркэ тыл булан этэн быыһанным диэххэ айылаах, дьоннорун диэки көрбөхтөөн баран, тиэтэйбит киһи киэбинэн дайбаан, хоролҕон хара айан суолун устун киирэн тайбаахалыы турда. Хара саадьаҕай атыыр оҕус, сүөһүлэр иһэллэрин көрөн, мөҥүрүү-мөҥүрүү сири хаһа хаалла.

Оҕус мөҥүрүүр саҥата

Алампа аатынан Ытык-Күөл 1 №-дээх ОО “Туллук” драм бөлөҕө, 6г кылаас

Салайааччылар: Им Галина Федоровна, Егорова Сахая Сергеевна

Алампа “Дьүһүн кубулуйумтуо” кэпсээнинэн инсценировка

Оруолларга:

Тэмэлдьигэн Миитэрэй – Арсен Петров

Күөттэ Дьөгүөрэ – Павел Саввин

Кыыс – Сардаана Харайданова

Ааһар иһэр киһи – Денис Жараев

Хоһоонньуттар – Влад Егасов, Артем Егоров, Дамир Васильев.

Диктор – Милана Сидорова


Ыстатыйалар

Алампа убайа

Алампа убайа Василий Иванович Софронов.Ыстатыйа_docx.pdf

“Алампа убайа Василий Иванович Софронов” Бу кылгас ыстатыйабар учуутал Василий Иванович Софронов КириэсХалдьаайы орто оскуолатын үлэтигэр-хамнаһыгар улахан үтүөнү – ө өнү ҥ а албытын туһунан кэпсиэхпин ба арабын. ҕ ҕ Кини 1882 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр Боотурускай улууһугар Бастакы Дьохсо он нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бу ыалга Василийтан ураты өссө түөрт о о ҕ ҕ баара: Васлий, Роман, Анемподист уонна Анастасия. Алдан өрүс сүнньүгэр Кириэс Халдьаайы оскуолата уопсайынан да бастакы оскуоланан буолбута. Ол да иһин сөптөөх дьиэ-уот, кинигэ, тэтэрээт суо а. ҕ Ону таһынан нэһилиэк тулатыгар саатар аа ар, суруйар кыахтаах биир да ҕ киһи суо а улахан ыарахаттары үөскэтэрэ. Дьэ маннык тү кэтэх сиргэ ҕ ҥ билиини- көрүүнү аһа сүүрбэ саастаах Василий Иванович тиийбитэ. Хара ааныттан кини оскуоланы чи тирэхтииргэ, элбэх о ону хабан ҥ ҕ үөрэтэргэ дьулуспута. 1905 сыллаахха ахсынньы 17 күнүгэр кини саха уобаластаа ы киин народнай училищеларын инспекторыгар, тойон ҕ Огородниковка суругар ахсынньы 16 күнүгэр Байа антай үс, Саһыл итиэннэ ҕ Өймөкөөнтөн Боро он нэһилиэктэрин олохтоохторун мунньа ар оскуоланы ҕ ҕ тутарга алта мөһөөх солкуобайы хомуйар туһунан быһаарбыттарын уонна са а оскуола дьиэтигэр сөптөөх миэстэ анаабыттарын туһунан кэпсээбитэ. ҥ Ахсынньы 17 күнүгэр са аланан барбыт мунньах оскуоланы тутарга түөрт ҕ киһилээх комиссияны тэрийбитэ. Бу дьон мунньах боротокуолун анныгар илии баттаабыттар, итини сэргэ комиссия састаабыгар киллэриллибиттэрин утарбаттарын биллэрбиттэр. 1908 сыллаахха оскуола дьиэтин тутуута түмүктэммит, ону ол сыл алтынньы 12 күнүгэр народнай училищелар инспектордарыгар ыытыллыбыт сурук туоһулуур. Василий Иванович училищены икки кылаастаахха уларыта тутар туһунан боппуруоһу туруорсубут эрээри, уобалас инспектора кини этиитин ылымматах. Үчүгэй учуутал туһунан сурах - садьык чугастаа ы нэһилиэктэргэ тилийэ ҕ көппүт. Ол да иһин Аллараа Амма уонна Уолба оскуолаларыттан кинини үлэ э ы ыран барбыттар. ҕ ҥ Василий Иванович Софронов 1909 сыллаахха бэс ыйыгар инспекторга көрдөһүү суруйбут: “Мин Кириэс Халдьаайы училищетыгар биэс сыл үлэлээтим, инникитин манна хаалар кыа ым суох: бастакытынан, кэргэним ҕ ыарытыйар буолла; иккиһинэн, Кириэс Халдьаайы оскуолатыгар олох-дьаһах уонна аһылык өттүнэн хааччыйыы мөлтөх. Онон Эйигиттэн, тойон инспектор, Чычымах эбэтэр Дьө күүдэй оскуолаларыгар көһөрөргө ҥ көрдөһөбүн”. Софронов көрдөһүүтэ толоруллубута, инньэ гынан кини Чычымах оскуолатыгар анаммыта. Итиннэ 1916 сыллаахха диэри үлэлээбитэ. Василий Иванович Софронов баара - суо а 46 сыл күн сиригэр олорбута. Онтон үйэ ҕ чиэппэрин кэри эр сахатын дьонун ортотугар өйдөө ү, үйэлээ и ҥ ҕ ҕ ыспыта.Кини 1928 сыллаахха ыам ыйын бастакы күнүгэр өлбүтэ уонна Дьокуускайга Ньукуола та аратын дьиэтин таһыгар көмүллүбүтэ. ҥ В.И.Софронов өлбүтүгэр тахсыбыт иһитиннэрии: “…кини ис сүрэ иттэн ҕ уонна исти тапталынан дьада ы сахалар о олорун үөрэтэрэ уонна ҥ ҥ ҕ сырдыкка таһаарара”,- диэн оло ун анаабыт дьыалатын чопчу быһаарбыта. ҕ Василий Иванович Кириэс Халдьаайыга үлэлиир кэмигэр инитэ Анемподист олоро сылдьыбыта. Саха биир биллиилээх суруйааччыта Анемподист Софронов ону санаан 1912 сыллаахха бэйэтин ахтыытыгар суруйбута: “Мин кыһын убайбар Алда а кэлбитим уонна киниэхэ үөрэнэн барбытым. ҥҥ Итиннэ үчүгэйдик, кө үллүк олорбутум. Байа антай олохтоохторо ҥ ҕ убайбыттан сиэттэрэн миигин ытыктыыллара итиэннэ “учуутал быраата”, “нуучча” диэн ааттыыллара. Онтон мин олох да аны хомойбот этим, ҕ төттөрүтүн киэн туттарым… Алда а олорон ардыгар кыра быһылааннарга түбэһэрим эрээри олор сотору ҥҥ умнуллаллара. Салгыы барыта са аттан са аланара ҥ ҕ ”. Онон, Василий Иванович Софронов Кириэс Халдьаайыга 1908 сыллаахха , олохтоох дьон үптэринэн, оскуола туруорсан туттарбыт улахан ө өлөөх ҥ киһинэн буолар диэн түмүктүүбүн. А.И.Софронов аатынан Ытык-Күөл 1N- дээх Орто оскуола саха тылыгар, литературатыгар учуутала Боппосова Анастасия Петровна

Алампа таптала

Е.П. Неймохов “Алампа” романыгар

А.И. Софронов тапталлаах кэргэнин туһунан



“Евтокия Константиновна Яковлева Нам улууһуттан төрүттээҕэ, Үөдэй нэһилиэгэр 1891 сылга төрөөбүт. Төрөппүттэрэ Калинкин диэн саха атыыһытыгар, Марха таһыгар баай сайыымпатыгар, сүөһү көрөөччүнэн киирбиттэрэ үһү. Көстөкүүн диэн соҕотох убайдааҕа Хаҥаласка олорбут. Оттон Дуунньа аҕыстааҕыттан Дьокуускайга Калинкиннарга олорбута, кэлин дьиэ үлэһитэ буолбута. Сүрэхтээх, ыраас туттуулаах, сайаҕас майгылаах, сиртэн-буортан тэйбит курдук сырдык сэбэрэлээх кыыһы олордон ыаллара сөбүлүүллэрэ, бэйэлэрин кыргыттарыттан итэҕэс туппат эбиттэр”.

1909 сыллаахха Гоголь “Кэргэн кэпсэтиитин” Микииппэрэп тылбааһынан испиэхтээн туруорарга санаммыттара. Ол онно Дуунньа Алааппыйа Тиихэнэбинэ диэн сүрүн геройу оонньообута. Дьэ, ол күннэртэн ыла үчүгэйдик билсэн 1913 сыллаахха муус устар 13 күнүгэр ыал буолаллар уонна 13 сыл бииргэ олорон баран арахсаллар. Евдокия Софронова Москваҕа сылдьан билсибит киһитигэр Гоголев Степан Филиповичка барар.

Евдокия олус кэрэ дьүһүннэх, нарын быһыылаах- таһаалаах, бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх, сырдык мөссүөннээх, киһини туймаардар ураты лыҥкынас куоластаах, эр дьон хараҕа хатанар кыраһыабай дьахтара эбит. Ол эбэтэр, дьиҥнээхтии тыйаатыр эйгэтигэр ананан төрөөбүт курдук бары өттүнэн барытынан кэрэ. Холобура:

1. “...бэйэтигэр сөп толору эттээх-сииннээх, дьылыгырас көнө үрдүк уҥуохтаах кыыс Алампаны унаарыччы көрөн кэбиспитигэй итиэннэ өрө үтэ сылдьан томтоҕор түөһүн аһара түспүт суһуоҕун төбөтүн куба моонньуну кылбаҕарнарын илиилэрин имигэс тарбах тарын өһүлэн киэн төттөрү өрөн ылбытыгар сүрэҕэ дьиктитик бэтийиктэнэ түстэ. Кыыс дьорорҕор сотолорунан күөх окко үҥкүүлээн эрэрдии имиллэҥнии үктэнэн , төгүрүк самыытынан оонньоон Күлүмнүүрдээҕи батыһан кулуупка барбытыгар, Алампа кэннилэриттэн батыста, аата, туттара-хаптара үчүгэйин, сир үрдүгэр кэрэ да кыргыттар баар буолаллар эбит!”. (Е.П.Неймохов “Алампа”, стр. 145, 2006)

2. “ Дуунньа кинилэр ортолоругар дьэбир тииттэр быыстарыгар нуоҕайан турар, сайын бэс ыйыгар тунал маҥанынан тыллыбыт харас маһы эбэтэр кугдаххай от быыһыгар тырымныыр Таҥара кийиитэ сибэккини санатара”. (Е.П.Неймохов “Алампа”, стр. 146, 2006)

3. “Киһи эрэ хараҕа хатанар кыыһыгар иҥээҥнээччи, Гоголь “Кэргэн кэпсэтиитигэр” баарыныы, элбэх буолар эбит. Бэл Белоусов диэн, сахалыы кылыһахтаах куолаһынан туойарынан олус өҥнөр киһи Дуунньа туһунан ырыа айан дьаабылыы сылдьар. (Е.П.Неймохов “Алампа”, стр.146, 2006)

4. “Тэһи көрөн дьэ бэрт кыыс, ньыламаҥ маҥан ньууругар сүрэхтиин сүүйтэрбит сордоохторго кииристэҕиҥ”. (Е.П.Неймохов “Алампа”, 2006)

5. “-Уой, ыллаабатаҕым ыраатта, чэ, Алексей Елисеевич көрдөһүүтүн быһа гыммакка, - Дуунньа толкуйдуу түһэн баран тэбэнэттээхтик ыллаата”. (Е.П.Неймохов “Алампа”, стр. 248, 2006)

Тас эрэ көрүҥүнэн үчүгэй буолбатах. Хаһаайка быһыытынан эмиэ ордук буоларын туоһулуур суруйуу көстөр. Ол курдук, ыалдьытымсах, асчыт уонна иистэнэр, таҥаһы сатаан киэргэтэр талааннаах эбит. Өссө оҕоломмута эбитэ буоллар амарах, кыһамньылаах ийэ буолуон сөбө. Холобура:

  1. “Дуунньа манна сылдьар буолбут аҕыйах хонугун иһигэр хос дьахтар илиитин сылааһыттан киһи билбэт буола уларыйбыт-уруккута кураанах турбут эркиннэргэ кыыс таҥаска өрөн оҥорбут уруһуйдара баар буолбуттар, түннүк от күөҕэ сабыыламмыт, иһинэн куруһуба түүл ыйаммыт, туой көһүйэҕэ кыһыл сибэкки турар. Дьаадаҥнаабыт остуола муус маҥан ыскаатырдаммыт, тыаҕа үөрэммитинэн, оронун баһыгар эрийэн кэбиһэр утуйар таҥаһа тэлгэнэн, сиэдэрэй сибэкки ойуулаах хараҥа күөх сабыыламмыт”. (Е.П.Неймохов “Алампа”, стр.173 , 2006)

  2. “Кэргэним кэлиэ диэн эрдэттэн бэлэмнээбит хобордоохтоох ыһаарытын уонна чаанньыгын билиитэ ортотугар уурда, омуһахха киирэн, бытыылкалаах арыгыны таһаарда, күүлэҕэ бысталаан бэлэмнээн уурбут тоҥ убаһа этин, быары киллэрдэ. Бэйэтэ үрүҥ бурдуктан буһарбыт халаачыктарын, буулкаларын эптэ. Ханныгын да иһин асчытынан аатырбыт буоллаҕа”. (Е.П.Неймохов “Алампа”, стр. 59, 2009)

  3. “Мин киһим аһа-үөлэ мэлдьи маннык остуол хотойорунан буолааччы”. (Е.П.Неймохов “Алампа”, стр. 60, 2009)

  4. “Иитиэх оҕо буолан олорор балтын кыыһын Дуунньа аһынар амарах тылларын истэн, иһигэр Булуҥҥа айаны, оҕо куотуутун санаан, түөһүгэр курус сүүрээннэр кутулуннулар. Онтон атын бэртээхэй да ийэ буолуох эбит, бэйэлэрэ оҕо тапталыгар бигэтэн, хайдахтаах дьоллоох ыаллар дэтиэх этилэрий!” (Е.П.Неймохов “Алампа”, стр.75, 2009)

  5. “Быысапкатыттан хараҕын араарбат да, өйө-санаата атыҥҥа, бу кэмҥэ кими эрэ кытта санаатын тоҕо тэбиирдии ирэ-хоро сэһэргэһэрэ буоллар, төһө эрэ чэпчиир”. (Е.П.Неймохов “Алампа”, стр. 107, 2009)

  6. “Мин аҕалаах ийэм ыалдьытымсах дьоннор,- диэтэ Былатыан киэн тутта”. (Е.П.Неймохов “Алампа”, стр. 21, 2009)

  7. “Дуунньа быысапкатыгар омоонноро тахсан эрэр кустары сэрэнэн имэрийбэхтээтэ”. (Е.П.Неймохов “Алампа”, стр.113, 2009)

  8. “Евдокия Константиновна курдук асчыт, ыраас туттуулаах хаһаайканы булар уустук буолуо”. (Е.П.Неймохов “Алампа”, стр.242, 2006)

Өссө Евдокия Софронова төһө да үөрэҕэ суох буолбутун иһин саха өйдөөх дьахталларын ахсааныгар киирэр эмиэ айымньыга ахтыллар.

А.И. Софронов аатынан Ытык-Күөл 1 №дээх орто

оскуола саха тылыгар, литературатыгар

учуутала Потапова Влада Семеновна



Чолбон сурунаал

А.И. Софронов кэннитигэр хаалларбыт күндү кэриэһэ - “Чолбон” сурунаал.


Анемподист Софронов саха норуотун историятыгар уһулуччу суолталаах киһи буолар. Кини айар-сырдатар күүрээннээх үлэтэ бүтүннүүтэ саха омук сайдыытыгар туһаайыллыбыта. Ол курдук, Анемподист Софронов күн бүгүнүгэр диэри тахса турар уус-уран литературнай “Чолбон” сурунаалы төрүттээбит үтүөлээх. Сурунаал саха художественнай литературата сайдыытыгар төһүү күүһү уурбута. Ол курдук, бу сурунаалы далаһа оҥостон, саҥардыы саҕаланан эрэр саха литературатыгар эдэр суруйааччылар киирбиттэрэ, кыһыл көмүс фондаҕа киирбит чулуу айымньылар суруллубуттара, кириитикэ бастакы хардыыларын оҥорбута.

Сурунаал биир суолталаах өҥөтүнэн айар талааннары көҕүлээн, бэчээттэнэр кыаҕы биэрэн, саха литературатын салгыы сайыннарыыта буолбута. Ол курдук 1920-с сс. саха литературатыгар эдэр суруйааччылар күргүөмүнэн киирбиттэрэ. Кинилэр истэригэр сурунаалга бастакы айымньылара бэчээттэммит А.Иванов-Күндэ, Н.Мординов-Амма Аччыгыйа, Д.Сивцев-Суорун Омоллоон, С.Яковлев-Эрилик Эристиин, А.Абаҕыыныскай, С.Кулачиков-Эллэй, Н.Түгүнүүрэп, Н.Павлов-Тыаһыт, Г.Бястинов-Бэс Дьарааһын, В.Новиков-Күннүк Уурастыырап, Г.Баишев-Алтан Сарын уо.д.а. бааллара.

“Чолбон” сурунаал уон нүөмэригэр хоһоонунан айымньылар элбэхтик бэчээттэммиттэр, ол курдук, уопсайа 40 хоһоон бэчээттэммит. Тиэмэлэринэн көрдөххө, бу кэмҥэ ордук пейзажнай лирика сайдыбыт. Саҥа олоҕу уруйдуур хоһооннору сэргэ үөрэххэ, киһиэхэ сыһыаннаах айымньылар суруллубуттар. Олох хараҥа өрүттэрин, кыдьыктары саралыыр сиэр-майгы тематыгар аналлаах хоһооннор эмиэ бааллар. Ол эрээри, оччотооҕу кэм поэзиятын биир уратытынан, нарын иэйиилээх таптал тематыгар биир да хоһоон бэчээттэммэтэҕэ буолар эбит.

1926 с. төрүттэммит “Чолбон” уус-уран сурунаал саха прозата сайдыытыгар уһулуччу суолталаах оруолу оонньообута. Бу сурунаалга саха прозатын бастакы сиппит-хоппут айымньылара бэчээттэммиттэрэ, эдэр суруйааччылар бэйэ-бэйэлэриттэн үөрэнэн, көҕүтүһэн, утуу-субуу суруйан киирэн барбыттара. Уопсайа 25 кэпсээн бэчээттэммит. Бу уон нүөмэргэ бэчээттэммит кэпсээннэр, сүрүннээн, социальнай-бытовой жанрга суруллубуттар. Кэпсээннэр үксүлэрин геройа “кыра” киһи буолар. Үөрэхтээх, көҥүл, сайдыылаах олох кэлбитин туһунан элбэх айымньы бэчээттэммит. Ону таһынан айылҕа, гражданскай сэрии, булт, таптал, куһаҕан дьаллык тиэмэтигэр аҕыйаҕа суох кэпсээн тахсыбыт. Манан сылыктаатахха, проза тиэмэтэ кэҥээн эрэрэ көстөр.

Хоһоону, кэпсээни таһынан, сурунаалга Сата Баһылаайап ааптардаах «Хараҥа олохтон» диэн биир оонньуу бэчээттэммит. Былыргы сахалар ыарахан олохторун арыйар кылгас кээмэйдээх трагическай тосхоллоох пьеса. Сурунаалга тылбаастаммыт айымньылар эмиэ бэчээттэммиттэрэ. Ол курдук, А.Я.Игнатьев нуучча улуу суруйааччыта В.Г. Короленко “Макаар түүлэ” диэн биллэр кэпсээнин, А.П. Чехов “Утуйуон баҕарбыт” кэпсээнин “Дь.Дь” диэн псевдонимнаах автор тылбаастаабыттар. Онон, сурунаал араас жанры хаппыт.

Сурунаал уус-уран айымньылары бэчээттээбит өҥөтүн таһынан, литературнай критиканы төрүттүүргэ кыаҕы биэрбитэ саарбахтаммат. Ол курдук, уопсайа 24 ыстатыйа тахсыбыт. «Чолбоҥҥо» критиктэр В.Н.Леонтьев, А.А.Иванов-Күндэ, А.Софронов, Э.Урааҥхайап о.д.а. литературнай-критическэй, П.Ойуунускай, А.Бояров публицистическай ыстатыйалара бэчээттэммиттэрэ. Манна ордук үрдүк таһымнааҕынан В.Леонтьев көрүүлэрэ уратылаахтарын бэлиэтиибит. “Чолбон" литература уонна искусство сурунаала буоларын быһыытынан Ф.Корнилов ырыа, музыка туһунан ыстатыйаларын эмиэ бэчээттээбитэ. Онон, А.И. Софронов кириитикэ норуот культуратын үрдэтиигэ, билиитин-көрүүтүн хаҥатыыга суолталааҕын өйдөөн, инникини өтө көрөн, “Чолбон” сурунаалыгар ордук сахалыы литературнай кириитикэ үөскүүрүгэр улахан олугу уурбута көстөр.

Анемподист Софронов сурунаал үлэтигэр редактор эрэ быһыытынан буолбакка, автор быһыытынан эмиэ көхтөөхтүк кыттыбыта. Ол курдук сурунаалга кини 6 хоһоону, 5 кэпсээни, 6 ыстатыйаны бэчээттэтэн, үгүстэргэ холобуру көрдөрбүтэ, сурунаал ис хоһоонун байытыспыта. А.И Софронов айымньыларын Кыайыгыыйап, К-п, А.С., Оҕо Тулаайах, А., А. Кыайыгыйап, С. диэн псевдонимнарынан бэчээттэппит.

Алампа “Чолбон” сурунаалыгар сөптөөх соруктары туруоран, саха литературатыгар үтүмэн үгүс уһулуччу айымньылары бэчээттэппит, билигин киэн туттар суруйааччыларбытын барыларын кэриэтэ үөрэппит-такайбыт, кириитикэ сайдарыгар сүрүн акылаат уурбут эбит. Онон А.И. Софронов кэннитигэр хаалларбыт күндү кэриэһэ - “Чолбон” сурунаал буолар диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо.



А.И. Софронов аатынан Ытык-Күөл 1 №дээх орто

оскуола саха тылыгар, литературатыгар

учуутала Потапова Влада Семеновна



Алаас уола - Алампа

Аатын ааттатар кыһаҕа

“А” буукубаттаан саҕалаан

Ааҕарга, айарга үөрэнэбит.

Аҕа, ийэ алгыһынан

Алампалыын кырдьыксыт

Айылгылаах буола

Айанныахпыт олоххо.

А.И. Софронов аатынан Ытык-Күөл 1 №дээх орто

оскуола 5 «в» кылааһын үөрэнээччитэ Чахов Айаал.


Уус-уран ааҕыы

Булчут кыра бөлөх

https://www.youtube.com/watch?v=mwaB23cRBX0

Булчут

https://www.youtube.com/@василинапестерева

Дорообо, дойдум

https://www.youtube.com/watch?v=_yoTrjjljbo&pp=ygUj0JLQsNGB0LjQu9C40L3QsCDQn9C10YHRgtC10YDQtdCy0LA%3D

Харчы

https://www.youtube.com/watch?v=naHpht3clBM

"Аҕабар"

https://youtu.be/-r4Sst0ULxQ?si=znWi1AVXcAVkvw1k

Ыллыым, ээ ыллыым

https://youtu.be/LsgBTyDAUNY

Уус-уран дьүһүйүү

Алампа-үүнэр үйэни үрдүккэ кынаттыыр

Алампа - үүнэр үйэни үрдүккэ кынаттыыр



Бары күргүөмүнэн ааҕабыт:




Санаарҕаахтаан сылдьарбыт

Сатаммата буолаарай,

Оонньуу-көрүлүү сылдьарбыт

Ордуктуура буолаарай?


Бары күргүөмүнэн ылыыбыт:

Оҕо-оҕо эрдэххэ

Оонньоомохтоон хаалыаҕыҥ,

Эдэр-сэнэх эрдэххэ

Этэн-тыынан биэриэҕиҥ!



Көмөр хара баттахпыт

Күрэҥсийиэн иннинэ,

Көмүстүүрэ тиистэрбит

Көтүллүөҕүн иннинэ,


:


Күндү көмүс күөмэйбит

Көмүрүөтүйүөн иннинэ

Көрсүспүччэ көрүлүөҕүҥ,

Уолдьаспычча оонньуоҕуҥ!



Туллук-туллук доҕоттоор,

Туран-олорон сылдьарга

Доҕор –атас туһалаах.



Өрөс-чөрөс үөлээннээх,

Үөскээн-төрүөн сылдьарга

Үтүө дьүөгэ өйөллөөхЭҥин чэбдик сэгэрдээр,

Этэн-тыынан сылдьарга

Эйэ-доҕор эрэллээх.



Көмүс –алтан дьүөгэлээр,

Көтөн-сүүрэн сылдьарга

Көнө сүрэх көмөлөөх.



Бары күргүөмүнэн ылыыбыт:

Саргылардаах сахаларбыт

Салаһыннаах саңаларын

Саңалыыра тойугунан

Салайан-саңардан иһиэҕиҥ.



Дайаана

Ытык-кырдьаҕас дьоннорбут

Ыллаабыт ырыаларын

Ыллам-дьэллэм ырыанан

Ыллаан-туойан иһиэҕиҥ.



Г. Алена

Ийэттэн-аҕаттан айыллыбыт

Элэ-была тыллары

Ирдээн-тордоон тураммыт,

Этэн-саңаран иһиэҕиҥ.


Ч. Айаал

Киһи – саха аатырбыт

Кэриэс-хомуруос тыллары

Кичэйэн-хачайан тураммыт,

Кэңэтэн саҥаран иһиэҕиҥ.


Айхаан Н

Киис тыһыгар кэккэлээх,

Кэрэ-билэ доҕоттоор,

Кэлэн-баран иһэммит,

Кэскиллэ тэрийэн иһиэҕиҥ.


Сахая

Уруккулуур удьуордарбыт

Уруйдаабыт олохторун

Умнубакка сылдьаммыт,

Уһатан-кэңэтэн иһиэҕиҥ!




Бары:

Уһулуччулаах убайбыт,

Умуллубат сулустуу,

Өлбөт –сүппэт мэлдьитин!

Үүнэр үйэни үрдүккэ кынаттыыр

Саха тылын уонна литературатын учуутала Потапова В.С.



Алампа кэс тыла

Алампа кэс тыла


  1. Тыгын кырдьаҕас саҕыттан

Тымыр сыдьаан тылламмыт

Тырыттыбыт ньыгыл дьылҕалаах

Тыйыс саха аатыран

Тыыллан, үөскээн иһиэҕиҥ!


  1. Саргылардаах сахаларбыт

Салаһыннаах саҥаларын

Саҥалыыра тойугунан

Салайан-саҥардан иһиэҕиҥ!


  1. Үөл талах курдук

Үөскээн, үүнэн иһэр

Үөрэхтээх саха үөрдүстүн!

Ыарҕа ойуур курдук

Ыччат ыраас саха

Ылбаҕай санаата ыбыстын!


  1. Ыллам ыраас ырыаҕытын

Ыллааҥ, ыччаттар, ыллааҥ!


  1. Аһыыны аһаама,

Айыыны саҥарба,

Таҥараны таптаама,

Абааһыны ахтыма.


  1. Санааҕын сайыннар,

Өйгүн үксэт,

Куһаҕантан куот,

Үчүгэйи үтүгүн!


  1. Уруккуну ороомо,

Уорбалыы санаама,

Улаханы ордорума,

Кыраны кыччатыма,

Бэйэҕин бэрдимситимэ,

Бэккин билинимэ.


  1. Сырдык үөрэх – уот!

Үөрэх эрэ

Үйэлээх олоҕу үөскэтиэ!


  1. Үтүө сүбэ сүрүннэннин!

Эйэ-кэскил тэрилиннин!


  1. Саас үйэ тухары

Саха аатын тарҕаттын,

Үгүс үйэ тухары

Үөрэх үтүөтүн үрдэттин!


  1. Кэтит дойдуттан

Кэскиллэ кэтэс,

Аан дойдуттан

Айхалла тардыс!


  1. Ытык кырдьаҕас дьоннорбут

Ыллаабыт ырыаларын

Ыллам-дьэллэм ырыанан

Ыллаан-туойан иһиэҕиҥ.


  1. Уруккулуур удьуордарбыт

Уруйдаабыт олохторун

Умнубакка сылдьаммыт

Уһатан-кэҥэтэн иһиэҕиҥ.


  1. Этэр тылгыт эпчимин,

Хоһуйар хоһооҥҥут дорҕоонун

Саха урааҥхай санаатыгар

Сайыччы саҕар гына

Салайан саҥарыҥ!


  1. Ойуулаах олоҕу ордорон,

Онно охтумаҥ,

Сарбынньахтаах саҥаҕытын

Салгыҥҥа сайҕаамаҥ,

Илбиргэстээх этиигэ иэдэйэн,

Илин-кэлин этимэҥ.


  1. Саргы-дьаалы улааттын,

Сахалыы саҥа сатараатын,

Саха омук сайыннын,

Уруй, уруй, уйгу!

Айхал, айхал, талба!


Алампа анабыл хоһоонноро

Анемподист Иванович Софронов- Алампа анабыл хоһоонноро


Данил.

Таптыыр табаарыстарым,

Ытыктыыр кырдьаҕастарым,

Үөлээннээх доҕотторум,

Майаҕас балыстарым,

Бука барыгыт

Мин этэрбин

Истэн сэрэйиҥ эрэ!


Валерия

Былатыан быраатым,

Ыраастык ыпсаран,

Лабаалаан, нарыннаан,

Арабуочай аймаҕы аһынан,

Тулхадыйбат тускуну туймуулаатыҥ,


Сайаана

Ыар кыһалҕаны ылынан,

Нуобай олоҕу тупсардыҥ,


Саша

Оробуочай олоҕун оҥордуҥ,

Ичээҥҥэ элбэхтик эрилинниҥ,

Анжелика

Уйадыйбат уруйдаах оройгунан

Наар дьадаҥыны таптыыгын,


Аня

Уус- уран тылгынан,

Сахалыы сарбынньахтаан саҥараҕын,


Катя

Кулан куйусхан хоһооҥҥунан

Айылҕаны айдааран айхаллаатыҥ,-

Итини испиттэн эҕэрдэлээтим.


Айта

Уйбаан оҕонньор

Отох оҕото

Атах сыгынньах

Алампа айхаллаатым.


Аина

Ойуур тыа курдук

Ороһулаан үөскээбит

Оҕо омук ортотугар

Ордон, чорбойон үүммүт



Элеонора

Ордук уруйдаах убайбыт

Уруттаан охтон

Омуһахтаммыт ороскуота,

Ууран-санаан көрдөххө,


Айыына

Эрэһэлээх тиистэн

Эмтэрийбитин кэриэтэ

Эмсэҕэтэ элбэх…


Влад

Саха омук

Саамай маҥнайгы

Саргылаах оҕото,


Артем

Сайаҕас санаалааҕа,

Ыпсаҕай ырыаһыта,

Ыраас тыллааҕа


Айтал

Ыарыыга ылларан,

Кэрэхсэнэн үөскээбит

Кэрэ дьонун кэккэтиттэн

Кэлтэйбит кэмсилгэнэ

Кэмэ суох киэҥ.


Бары:

Кэмэ суох киэҥ!


Лана

Күн сирин күчүмэҕэй олоҕун

Күһэлтэтигэр күөйтэрбэккэ,

Көҥүл күүстээх өйдөнөҥҥүн,

Ийэ дайды эрэйдээх олоҕуттан иҥнибэккэ,


Зарина

Эпчиҥнээх эгэлгэ санааланаҥҥын,

Оҕо буолан төрүөххүттэн

Оонньуулаах олоххо оҕустарбакка,

Ордук уус тылланаҥҥын,


Мичийэ

Ыарыһах бэйэҕин кымаардаабакка,

Ыраас кумааҕыга


Ева

Ыар- дьиппэ санааҕын,

Ыарахан, дириҥ өйгүн

Артем

Саас-үйэ тухары


Влад

Өлбөт диэн үйэлээх,


Данил

Эргэрбэт диэн бэйэлээх


Айтал

Эгэлгэ хоһоон оҥорон тэлгэттиҥ.


Настя

Онон буоллаҕына,

Дьокуускай уобалас

Дьоһун сибэккитин холбооттоон,

Арааһынай маһын наардаан,

Атаҕа-илиитэ суох

Айаҕынан саҥарар оҥорбут,


Виолетта

Өлөр-сүтэр үйэтэ,

Кырдьар-буорайар сааһа суох гына


Ревекка

Кырыыппаны оҥорбут


Дайаана

Хамныыр хартыынаһыта,

Бэрт мэтириэччитэ,


Артем

Эн бааргын.!


Влад

Онон


Данил

Ис сүрэхпиттэн


Бары

Эҕэрдэни эттим,

Саргыны саҥардым.!!!

Боппосова Анастасия Петровна